Хамаҕатта библиотеката чуҥкуппат

Бу үчүгэйгэ, күөххэ Сахабыт сиригэр «Азия оҕолоро» оонньуу, Ыһыахтар буола турдахтарына Хамаҕатта библиотекатыгар уу-чуумпу буолуо, хата ыксаабакка сорукпун быһааттарыам диэн библиотека аанын аспытым… Сөҕүөм иһин үлэ күөстүү оргуйа турар эбит.

Билэр билбэт Далбар Хотуттарым туой көһүйэлэри, араас бытархай оҥоһуктары үлүһүйэн, ылсан оҥоро сылдьаллар. Бүгүҥҥү күнҥэ бастакы маастар кылаас эбит. Ол курдук, 14.00 чаастан иккис маастар-кылаас буолар, онно кэлээр диэн ыҥырдылар. Сэҥээрэн истэ түһэн баран бэйэм соруктаах кэлбиппин өйдөөн библиотека сэбиэдиссэйигэр Корякина Марина Саввичнаҕа тиийдим. Кыыһым отой иллэҥэ суох.

Ол кэмҥэ Алексеев Дмитрий Иванович оҕоҕо аналлаах кинигэлэри остуол сирэйин толору тэлгэтэ ууран баран күүтэ турар. Тыый! Бу ким ааҕарый, бачча элбэх кинигэни диэн сонурҕаан ыйыттым. Сиэммэр аахтарабын, бу бүтэрбит кинигэлэрин аҕаллым. Биир бачча өссө да хаалла диир. Оҕону аахтарар туох кистэлэҥ ньымалааҕын туоһуластым. Ону бэрт судургутук хардарда: кинигэ ааҕар анал кэм олохтообутум. Телефонун туора уурабыт. Бу кэпсээни ааҕан баран телефону ылаҕын диэн. Сиэнэ үһүс кылааһы бүтэрбит уол хайыы үйэҕэ бэйэтэ да билбэтинэн ылларан ааҕар буолбут. «Мумуну» аһынан ытыы-ытыы аахта диэн кэпсээтэ. Бу Дмитрий Иванович ньыматын холобур туттуохха сөп эбит.

Манна эбэн эттэххэ, Марина Саввична көрдөөбүт кинигэлэрин кэмигэр булан, оҕо ааҕарыгар сөптөөх шрибтээх, дизайнаах кинигэлэри талан наардаан бэлэмнээн тоһуйар. Көрдүүр кэпсээннэрэ хомуурунньуктарга баарын кытта булан закладка уган бэлиэтээн биэрэр, сүбэлиир. Итинник истиҥ сыһыантан, биллэн туран, ааҕааччы үөрэр, дуоһуйар.

Аҥардас бу биир эрэ түгэнинэн библиотека үлэтин сыаналыыр тутах дии саныыбын. Хамаҕатта библиотеката үс кыһыны быһа тиһигин быспакка араас сэргэх тэрээһиннэри ыытан ааҕааччыларын бэйэтин тула муста, түмэ тарта. Марина Саввична былаана өссө да киэҥ, салгыы сонунтан сонун тэрээһиннэр күүтэллэрин эттэ.

Феврония Баишева

Читайте дальше