Хамаҕатта нэһилиэгэр общественнай үтүө хамсааһыннар үксүүллэр

Сылаас күннэр туруохтарыттан Хамаҕатта нэһилиэгин оҕо спортивнай былаһааккатыгар сарсыардааҥы сэрээккэҕэ оҕолуун-улаханныын эрчиллэн эрэллэр.

«Сайдам» түөлбэ олохтоохторо (сал. Люция Ушницкая) халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмөлөрүн комиссияҕа туттардылар.

«Тускул» уһуйаан оҕолоро бэйэлэрэ бүөбэйдээн олорпут сибэкки рассадаларын биирдиилээн аҕам саастаахтарга соһуччу бэлэх оҥорон үөртүлэр.

Арыы Тиит түөлбэ кырдьаҕастарын Ариан Колпашников Ньукуолунунан сааскы булдуттан күндүлээтэ.

Нэһилиэк кырдьаҕастарыгар сайын кэлбитинэн, Сайылык күнүнэн «Эркин» эр дьон түмсүүлэрин аатыттан
Валерий Семенов, Руслан Захаров, Ньургустаан Жирков, Дмитрий Кривошапкин, Эдуард Петров байанайдарын бэлэҕиттэн «Кэскил» балаҕаҥҥа аҕалан бэристилэр. Күндү кэһиини кырдьаҕастар ыһыахтарыгар амсатыах буолан хаһааннылар, ытыктабылларыгар үөрэ-көтө махтаннылар .

Ити курдук, бэйэ-бэйэҕэ үтүө сыһыантан, эйэҕэс, аламаҕай буолууттан дьон-сэргэ үөрүүтэ үксүүр.

Мария Винокурова