1986-87 үөрэх сылыгар оскуола 11 кылаас-комплектаах, 285 үөрэнээччилээх, 42 учууталлаах, 12 воспитателлээх, 18 тех. үлэһиттээх этэ. Завучтарынан 1986-87 сс. Слепцова Ульяна Прокопьевна, 1987-88-89 сс. Ядрихинская Валентина Семеновна, ити сылларга тэрийээччинэн Кривошапкин Валерий Гаврильевич, профком председателинэн Новгородов Дмитрий Михайлович, партийнай тэрилтэ секретарынан Васильев Иван Касьянович, старшай пионербаһаатайынан Чирикова Вера Алексеевна, төрөппүт комитетын председателлэринэн Колесова Анна Ивановна, Семенова Елена Михайловна үлэлээбиттэрэ. Эрнест Березкин учком председателинэн, Надя Посельская оскуола үөрэнээччилэрин комсомольскай тэрилтэтин секретарынан, Юля Березкина Ю.А. Гагарин аатынан пионер дружинатын сэбиэтин председателинэн талыллан бары үлэҕэ-хамнаска күүс-көмө буолбуттара.
Оскуола директорынан ананаат да бу үөһээ ааттаммыт дьоммун кытта сүбэлэһэн, педколлективы кытта биир санааҕа кэлэн, 5 сыллаах перспективнай былааны педсовекка дьүүллэһэн, оскуола материальнай базатын уонна үөрэтэр-иитэр үлэтин сайыннарыыга-хаҥатыыга туһаайан ылыммыппыт. Ол курдук, оскуола гааска холбонуутун, оскуола остолобуойун, 6 саастаах оҕолор үөрэнэр базаларын тутуу, үөрэтэр саҥа мастарыскыайы, ичигэс теплицаны, овощехранилищены, ичигэс туалеты оҥоруу, музыкальнай уонна спортивнай оскуолалар филиалларын астарыы үлэлэрин саҕалыыры торумнаабыппыт. Саҥа таас варианынан оскуола бырайыагын оҥорторон тутуута саҕаланыытын бигэргэппиппит.
Онтон үөрэнээччилэри иитии-үөрэтии боппуруоһугар сиэр-майгы сыһыаныгар, төрөппүт-оскуола-үөрэнээччи бииргэ үлэлиир усулуобуйаларын тэрийиигэ, үөрэтэр ньыманы саҥалыы күүскэ сайыннарыыга былааннар, соруктар ылыллыбыттара, үлэнэн иитии боппуруостарыгар болҕомто ууруллубута.
Үөрэнээччилэри итии аһылыгынан хааччыйыыга саҥа остолобуой дьиэтэ 1987 сыл кулун тутар 22 күнүгэр акылаата түһэн тутуута саҕаламмыта. Остолобуой дьиэ маһын булууга ол саҕана «Комсомольскай» сопхуос дириэктэрэ, үтүө санаалаах салайааччы Слепцов Алексей Иннокентьевич өйөөбүтэ, кэргэнэ Ульяна Прокопьевна бу боппуруоска ис сүрэҕиттэн ыалдьан сүүрбүтэ-көппүтэ. Төрөппүттэртэн акылааты түһэриигэ – Федоров Александр Николаевич (лесхоз кыл. специалиһа), Мухин Василий Васильевич («Сельэнерго» ст. электригэ), Винокуров Василий Степанович (с-з стол. сыаҕын салайааччыта, тыыл бэтэрээнэ), Больницкай Василий Григорьевич (киномеханик) үөрэ-көтө көмөҕө кэлбиттэрэ .
Оскуола эр дьон учууталларыттан, тех. үлэһиттэриттэн тутуу биригээдэтин тэрийбиппит. Маастарынан история учууталын, партийнай тэрилтэбит секретарын Васильев Иван Касьяновиһы талбыппыт. Бэйэм үөрэппит-такайбыт уолум, үлэ учуутала Касьянов Александр Гаврильевич, физик Новгородов Дмитрий Михайлович, историк Васильев Иван Касьянович, кочегардар Чириков Петр Алексеевич, Фадеев Афанасий Афанасьевич биригээдэҕэ баҕа өттүлэринэн сөбүлэһэн ыйдааҕы хамнаска үлэлии киирбиттэрэ. Атын учууталлар – Муксунов Роберт Васильевич (географ), Эверстов Василий Иннокентьевич (физрук), Баишев Павел Гаврильевич (военрук) өрөбүл күннэригэр үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Онтон ытык кырдьаҕас учууталларбыт – Касьянов Гаврил Степанович, Ушницкай Василий Васильевич буор-босхо түннүктэр араамаларын оҥорон, таастаан биэрбиттэрэ. Остолобуой дьиэ уонна 6 саастаах оҕолор базаларын тутууга шиферын, тоһоҕотун, түннүгүн тааһын, электроматырыйаалларын уо.д.а. буларга үп наада буолан, эрдэтээҥи хортуоппуй боппуруоһунан коллектив дьарыктаммыта. Манна көҕүлээччинэн старшай пионербаһаатай Чирикова Вера Алексеевна буолбута.
Эргэ баанньык дьиэтин өрөмүөннээн, арасаадалары муус устарга онно олордубуппут. 30 суотай сиргэ олордон, от ыйын ортотугар 3 тонна хортуоппуйу хостоон, атыылаан бастакы сылга 6 тыһыынча, иккис сылга 5 тыһыынча солкуобайы оскуолабытыгар киллэрбиппит. Манна сайыҥҥы оҕуруот лааҕырын начальниктара, баспытааталлара атыылыырга көмөлөспүттэрэ. Бастакы сылга лааҕыр начальнига Винокурова Мария Григорьевна (нуучча тылын учуутала), Канаева Матрена Васильевна (нач. кылаас учуутала) баҕа өттүлэринэн үтүө суобастаахтык үлэлээн, остолобуой дьиэ үлэҕэ түргэнник киириитигэр төһүү буолбуттара.
Хортуоппуйбут үчүгэйдик, өлгөмнүк үүнэригэр наставнигынан сэрии, тыыл бэтэрээнэ, коммунист Федотов Дмитрий Григорьевич сүбэтэ-амата сүрдээҕин көмөлөспүтэ. Дьэ, бу хортуоппуйтан киирбит үп оскуола төрөппүт комитетын председателин (А.И. Колесова) илиитигэр учуокка-хонтуруолга киирэн, сөптөөхтүк дьаһаллан туттуллубута. Бу эрдэтээҥи хортуоппуйтан 20 куулу ыһыыга хаалларарбыт, 30 куулу оҕолор аһылыктарыгар уурарбыт. Манна эбии “Солнышко” пришкольнай учаастак (сал. Биолог В.С. Кривошапкина) үүннэрбит хортуоппуйа киирэрэ. Остолобуойу уонна 6 саастаах оҕолор үөрэнэр базаларын тутууга төрөппүттэри кытта үлэҕэ төрөппүт комитетын председателлэрэ А.И. Колесова, Е.М. Семенова үлэлэспиттэрэ. Ордук Анна Ивановна күүскэ уонна лаппа ылсыспыта, төрөппүттэр уочаратынан кэлэн көмөлөһөллөрүн хааччыйбыта, ону таһынан хортуоппуйтан киирбит үбү дьаһайара. Ордук үчүгэйдик төрөппүттэр Афанасьев Захар Захарович, Федотов Дмитрий Григорьевич, Захаров Николай Дмитриевич, Мухин Василий Васильевич, Новгородов Дмитрий Дмитриевич, Максимов Валерий Анатольевич, Больницкай Василий Григорьевич, Кокорев Николай Иванович, Кокорев Михаил Григорьевич. Кырдьаҕас бэтэрээн учуутал дьахталларбыт Кудрина Нина Егоровна, Ядрихинская Клара Кирилловна, Дьяконова Анастасия Григорьевна ис сүрэхтэриттэн көмөҕө кэлэллэрэ. Уборщицалар Сивцева Антонина Алексеевна, Абрамова Альбина Ивановна, Аргунова Варвара Иннокентьевна күүс-көмө буолбуттара киһини үөрдэрэ.
Итинник бары саба түһэн, остолобуой дьиэни 1987 сыл сэтинньи 7 күнүгэр, Октябрьскай Социалистическай революция 70 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, аспыппыт. Инньэ гынан, үөрэнээччилэри итии аһылыгынан хааччыйыы боппуруоһа толору быһаарыллыбыта. Остолобуой ас буһарар, чэй оргутар оһохторун, оборудованиеларын булууга биллэр асчыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, эргиэн туйгуна Тарбахов Иннокентий Иннокентьевич көмөлөспүтэ. Завхоһунан Кондаков Сергей Сергеевич, повардарынан Раиса Местникова, Анастасия Гоголева, уборщицанан Сардана Ядрихинская үтүө суобастаахтык остолобуой толору үлэлииригэр усулуобуйаны үөскэппиттэрэ.
1988 сыл сайыныгар оскуоланы гааска холботуу уонна 6 саастаах оҕолор үөрэнэр базаларын тутуу уочарата кэлбитэ. Гааска холбонуу бу сыл сайыныгар быһаарыллыбыта, онтон үөрэнэр база 1989 сыл күһүнүгэр бүтэн үлэҕэ киирбитэ. Бу үлэлэргэ эмиэ эрдэтээҥи хортуоппуйбут үбэ, төрөппүттэр, учууталлар көмөлөрө, оройуон үөрэҕин салаата (сэб. Н.С. Сивцева) өҥөлөрө күүс-көмө буолан түргэнник олоххо киирбитэ.
Үөрэнээччилэри эстетическэй иитиигэ балайда үлэ барбыта. Ол курдук, 1988 сыл музыкальнай оскуола филиала (сал. Л.А. Андросова), саха таҥаһын (сал. М.И. Касьянова), туоһунан тигиигэ (сал. В.Е. Сивцева), музей угологун (сал. А.Г. Дунаев), нэһилиэк историятын хомуйуу (сал. В.А. Чирикова) үлэлэрэ ыытыллан оскуолаҕа улахан сэргэхсийиини киллэрбитэ. Музыкальнай оскуола филиала (хореография, фортепиано, баян) аһыллыытыгар Намнааҕы музыкальнай оскуола директора Атласов Николай Николаевич быһа өйөбүлэ улахан оруолу ылбыта.
Онтон спортивнай олохпутугар физкультура учуутала Василий Иннокентьевич оройуоҥҥа бастакынан стандартнайа суох спортивнай снаряды оҥорон, нэһилиэккэ спортсаала аһыллан 8-10 кылаас оҕолоро дьарыктанар буолбуттара. Тустуу (тренер Данилов Гаврил Гаврильевич), саахымат, дуобат (тренер Охлопков Евтропий Спиридонович) филиаллара аһыллан, ону таһынан киэҥ-куоҥ саалаҕа араас спорт секциялара ыытыллар буолан оҕо эт-хаан өттүнэн сайдарыгар үчүгэй олук ууруллубута.
Иитии-үөрэтии чааһыгар киирдэххэ, аан бастатан, төрөппүтү оскуолаҕа чугаһатар уонна пед. билиини биэрэр инниттэн “Иитэр кыһа” диэн төрөппүттэр оскуолалара аһыллыбыта. Үөрэнээччилэр ортолоругар самоуправлениены бары үлэ, үөрэх көрүҥэр киллэрии саҕаламмыта. Педсовет чилиэннэринэн ПКО секретарын, олохтоох сэбиэт председателин, төрөппүт комитетын председателин билинии быһаарыллыбыта. Учууталлары аттестациялааһыны педколлектив ортотугар дьүүллэһии киллэриллибитэ. Төрөппүттэри ыҥыран туран “Отличниктар уонна ударниктар слеттарын ыытыы” (көҕүлээччи В.С. Ядрихинская), КИД үлэтин күүһүрдүү (сал. М.Г. Винокурова) кыра кылаастарга госприемканы, педколлективка оскуола иһинэн инспектированиены киллэрии, үөрэнээччилэр уонна төрөппүттэр ортолоругар аһаҕас кэпсэтиини тэрийэн ыытыы, ити барыта саҥа сүүрээннэр буоланнар иитэр-үөрэтэр үлэҕэ хамсааһыны таһаарбыта, ордук учууталлар, төрөппүттэр, үөрэнээччилэр аһаҕастык кэпсэтэр, мөккүһэр, көрдүүр-толкуйдуур буолалларыгар ааны аспыта. Үөрэнээччилэри кытта биирдиилээн үлэҕэ кырдьаҕас бэтэрээн учууталлар А.Г. Дьяконова, А.И. Атласова, К.К. Ядрихинская, А.И. Колесова, Н.Е. Кудрина, М.И. Касьянова элбэх сыраларын биэрбиттэрэ.
Алта саастаах оҕолорго (уч. Алексеева Матрена Германовна, басп. Степанова Ульяна Ивановна), 1-кы кылааска (уч. Бурнашева Варвара Ивановна, басп. Р.Р. Дунаева, А.И. Колесова), 2-с кылааска (уч. М.В. Канаева, басп. К.К. Ядрихинская, В.С. Кривошапкина), 3-с кылааска (уч. Говорова Татьяна Михайловна, басп. В.В. Ушницкай, М.И. Касьянова) нэдиэлэҕэ 5 күннээх үөрэх күнүгэр киирии, 2-с кылааска (М.В. Канаева) эксперимент быһыытынан французскай тылы үөрэтии саҕаланыыта бу эмиэ иитии-үөрэтии боппуруоһугар саҥа сүүрээн буолбуттара уонна сөптөөҕүн дакаастаабыта.
Начальнай кылаастар МО-ра (сал. М.В. Канаева) үөрэтэр таһымнара үрдүгэ, иитии боппуруоһугар үлэлэрин көрүҥнэрэ элбэҕинэн астыннарара. Нуучча тылын МО (сал. А.Е. Софронова), уч. М.Г. Винокурова, А.Д. Евсеева, Л.А. Сивцева, Е.Р. Протопопова) оройуоҥҥа биир бастыҥ предметниктэринэн биллибиттэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэтэр пособиены оҥорууга күүс-көмө буолбуттара. Кабинет сэбиэдиссэйэ М.Г. Винокурова өрүү ыраас, куруук уларыйа турар көрдөрөн үөрэтэр пособиелардаах баай кабинеттааҕа.
Математика МО (сал. Г.А. Кривошапкина, уч. В.Г. Кривошапкина, А.Г. Таркаева) үөрэтии процеһыгар тех. средствоны туттууну лаппа күүскэ киллэрбиттэрэ, кабинеттарын байыппыттара, ситиһиилэммиттэрэ.
Омук тылын учууталлара Н.Н. Макарова, В.С. Ядрихинская, биология В.С. Кривошапкина, физика Д.М. Новгородов үөрэтэр предметтэригэр, кабинеттарын байытыыга ис сүрэхтэриттэн күүскэ үлэлэспиттэрэ уонна элбэх ситиһиилэммиттэрэ. История (уч. И.К. Васильев), химия (О.В. Кондакова), география (Р.В. Муксунов) кабинеттара, кабинетнай системаны олоххо киллэриигэ күүскэ үлэлэспиттэрэ. Ол нөҥүө оҕолорго билиини биэриини ситиһэргэ дьулуһаллара.
Саха тылын уонна литературатын (сал. Т.И. Бурнашева) кабинета биһиги оскуолабытыгар биир бастыҥ, баай кабинет этэ. Нэһилиэк историятыгар элбэх матырыйаалы хомуйан үлэлэһэрэ. Шаталов методынан туһанан үөрэтиини киллэрэн өрөспүүбүлүкэҕэ биллибитэ. Байыаннай үөрэх (П.Г. Баишев) оскуолаҕа уолаттары байыаннай-патриотическай иитиигэ биир сүрүн күүс буолбута. Үлэҕэ иитии мастарыскыайа (А.Г. Касьянов) оҕолору үлэҕэ иитиигэ толору хааччыллыылааҕа. Бу кэмнэргэ мастарыскыай эстетическэй көрүҥэр, толору электрооборудованиенан хааччыйыыга күүскэ үлэлэспитэ. Оскуола библиотеката (библ. Р.Р. Дунаева) 1987-88 үөрэх сылыгар оройуоннааҕы көрүүгэ 1-кы миэстэни ылбыта. Библиотека фондата хаҥыырыгар күүскэ үлэлэһэрэ. Оҕолор биир сөбүлээн сылдьар миэстэлэринэн буолбута.
1987-1988 үөрэх сылыгар Хамаҕатта орто оскуолата оройуоннааҕы социалистическай куоталаһыыга 1-кы миэстэни ылан, көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяны уонна “Москвич-2141” массыына фондатын ылбыта. Ол төрүөтүнэн маннык ситиһиилэр буолбуттара:
- Оҕолору сайыҥҥы (ЛТО) сынньатыыга – I м.
- Оройуоннааҕы туризмҥа – II м.
- Агитбиригээдэлэргэ – I м.
- Оройуоннааҕы үҥкүү фестивалыгар – I м.
- Октябреноктар слеттара – II м.
- Оройуоннааҕы уруһуй куонкуруһугар – II м.
- Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Лениана” куонкуруһугар – III м.
- Оройуоннааҕы пионерскай слекка – I м.
- Прикладной искусство быыстапкатыгар – I м.
- Тимуровскай үлэҕэ – I м.
- Тустууга – IV м. (1989 с. – I м.)
- Саахымакка – III м.
- Үрдүкү кылаас оҕолоругар оройуоннааҕы спартакиада – IV м.
- Сааскы кросска – II м.
- Эстафетаҕа – II-III м.
- Математикаҕа – I м.
- Биологияҕа – II м.
- Физикаҕа – III м.
- Химияҕа – III м.
- Нуучча тылыгар – II м.
- Историяҕа – III, IV м.
- Черчениеҕа – III, IV м.
Ити барыта коллектив биир санаанан ылынан, үтүө суобастаахтык ылсыһан үлэлэспиттэрин түмүгэ буолар. Бу үлэлээбит сылларбар икки этээстээх толору хааччыллыылаах икки дьиэ тутуллан, олохтоох сэбиэт (сэбиэт предс. Н.Д. Захаров) исполкома өйөөн, 9 учуутал уонна баспытаатал квартираларынан хааччыллыбыттара бу нэһилиэк сайдыыга хардыытын дакаастабыла буолар.
Ити курдук 2 сыл директорынан үлэлиир сылларбын кылгастык аҕыннахха итинник. Олохтоох сэбиэт председателинэн талылламмын 5 сыллаах инникилээх былааммыт сороҕо сиппэтэҕэ. Бу ыытыллыбыт үлэлэргэ завуч быһыытынан Ульяна Прокопьевна, Валентина Семеновна, тэрийээччи быһыытынан Валерий Гаврильевич, профком председателин быһыытынан Дмитрий Михайлович, партийнай секретарь быһыытынан Иван Касьянович, старшай пионербаһаатай быһыытынан Вера Алексеевна, эдэр салайааччыга, миэхэ, наставник быһыытынан үлэлэспит Гаврил Степанович ис сүрэхтэн баҕаран туран көмөлөспүттэрэ, сүрүн күүс буолбуттара диэн түмүктүүбүн. Онон оскуоланы салайар үлэбэр, ити кэм элбэх уопуту , үтүө санааны, киэҥ өйдөбүлү хаалларбыта.
Александр Дунаев