Быйыл ураты суолталаах кэмҥэ дойду Президенин талар быыбар үһүс күнүн бара турар.
Хамаҕатта нэһилиэгэр быыбардыыр учаастакка кулун тутар 17 күнүн 11:15 чаастааҕы түмүгүнэн испиэһэккэ киирбит 1245 быыбардааччыттан 755, ол иһиттэн дьиэҕэ 46 киһи куоластаатылар.
УИК председателэ Антонина Харитонова:
— Дьон-сэргэ сэргэхтик, бырааһынньыкка курдук оҥостон кэлэллэр. «Тупсууна», «Барахсаана» түмсүүлэр сахалыы таҥналлара үгэс буолла. «Дьиэ кэргэнинэн бииргэ» бырайыагынан көхтөөхтүк быыбардаатылар.
Барыта 15 эдэр быыбардааччылаахпыт, онтон бэҕэһээ 18 сааһын туолбут саха-француз лицей 11 кылааһын үөрэнээччитэ Белолюбская Дайаана Михайловна бүгүн кэлэн гражданскай быраабын туһанна. Бары эдэр быыбардааччыларбытыгар ТИК бэлэмнээбит өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардыбыт. Нэһилиэкпит быыбардааччыларыгар бүгүн киэһэ 8 чааска диэри «Түһүлгэ» НАК баар 334 N-дээх быыбардыыр учаастак аана аһаҕас, куоласкытын биэрэргитин күүтэбит.
Мария Винокурова