Олунньу 9 күнүгэр “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинигэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спордун, Хамаҕатта нэһилиэгэр Доруобуйа сылын үөрүүлээхтик арыйыы тэрээһинэ буолла.
Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн үтүө холобур буолар, үйэ аҥардыыта бигэтик олорбут нэһилиэк ытык-мааны ыалларын «кыһыл ыллык» устун хаамтаран чиэстээтилэр, баһылык Евгений Ушницкай туһаайыы тылларынан, дьиэ кэргэн ансаамбылын ырыатынан эҕэрдэлээтилэр.
Нэһилиэккэ Доруобуйа сылын биллэрэр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ бары тэрилтэлэр, «Чэгиэн» хаалыктаах хаамыы кулууба кытыннылар. Уһуйаан, оскуола оҕолоро, музыкальнай оскуола үөрэнээччилэрэ Оҕо саас сылын уруйдаан ырыа-үҥкүү бэлэхтээтилэр, флешмоб көрдөрдүлэр.
Олохтоох балыыһа, баһаарынай чаас үлэһиттэрин чөл олоххо ыҥырыылара «Саҥарбыппыт саталаннын, оҥорбуппут уруйданнын!» кынаттаах тылларынан арыалланна.
Түмүккэ баһылык Евгений Ушницкай дьонун-сэргэтин бырааһынньыктааҕы минньигэс тордунан күндүлээтэ, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ бигэ туругу, элбэх оҕону, чэгиэн доруобуйаны баҕарда.
Дьоро киэһэ «Дьону, олоҕу таптыахха!» сайдам санаанан түмүктэннэ.
Мария Винокурова