Тыа сирин-уотун кэлимник сайыннарыы чэрчитинэн 2023 сылга Нам улууһун Хамаҕаттатыгар инженернэй ситимнэрдээх 66 учаастактаах “Элбэх оҕолоох ыаллар” кыбаарталларын кэлим тутуу микрооройуону тутар үлэ саҕаланна.
Россия президена Владимир Путин дьон олоҕо тупсарыгар үгүс үлэ ыытарыттан бу хайысха биирдэстэринэн буолар. Сири-уоту кэлимник сайыннарыы – нэһилиэнньэ олороругар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ туһуламмыт үлэ. Сайыннарыы хайысхатын чэрчитинэн чопчу тутуулар эрэ ыытыллыбаттар. Онуоха микрооройуон баар буолуутугар бары өттүнэн усулуобуйа тэриллэригэр күүс ууруллар: көнө суол, оскуола, социальнай объектар.
Нам улууһун Хамаҕаттатыгар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ 66 сир учаастага түҥэтиллибитэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ “Элбэх оҕолоох ыаллар” кыбаарталларыгар гаас, уот барыта тардыллан, оҥоһуллан турарын олохтоох дьаһалта баһылыга Евгений Ушницкай бигэргэтэр.
“Сир ылыытыгар Нам улууһун элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэригэр сэрэбиэй ыытыллыбыта. 66 учаастак хаһаайынын булан олорор. “Элбэх оҕолоох ыаллар” кыбаартал үс уулуссаттан турар – Т.Д. Винокурова, А.Г. Местникова уонна Г.С. Касьянов ааттарынан ууллусаллар”, – диир баһылык Евгений Сергеевич.
Быйыл 2024 сылга кыбаарталга көнө суол ууруллуоҕа. Дьэ, микрооройуон барыта ситэн-хотон толору бэлэм буоллаҕына, ыаллар дьиэ туттан олохсуйбутунан барыахтара. Хамаҕаттаҕа киһи эрэ олоруон баҕарар, түөрт өттүттэн көстүүлээх (ойуур, хонуу, нэлэмэн ырааһыйа, дэриэбинэ) түөлбэҕэ аны аҕыйах сылынан дьон саҥатынан, оҕо күлүүтүнэн туолуоҕа.
Хамаҕаттаҕа “Элбэх оҕолоох ыаллар” кыбаартал үлэтэ Иван Максимов баһылыктыыр 2012-2022 сс. кэмигэр саҕаламмыт. Ол курдук, Дойду үрдүнэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ болҕомто күүскэ ууруллар буолбута хайҕаллаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ Евгений Ушницкай салалталаах дьаһалта үлэһиттэрэ “Элбэх оҕолоох ыаллар” өссө икки кыбаарталлара олоххо киирэригэр күүстэрин уураллар.
Хамаҕатта нэһилиэгэр эрдэтээҥи сылларга “Ыччат” кыбаартала микрооройуон баар буолбута. Бэлиэтээн эттэххэ, улуус улахан нэһилиэктэрин биирдэстэригэр Хамаҕаттаҕа “Ыччат” кыбаартала маҥнайгынан арыллыбыт нэһилиэктэртэн биирдэстэринэн буолар.
Дмитрий Местников:
Дьиэ кэргэн бэйэтэ бас билэр сирдээх буолара үөрүү, дьол. Тус бэйэм, киһи төрөөбүт дойдутугар хайаатар да уһаайбалаах буолуохтаах дии саныыбын. Хамаҕатта кэҥээн, “Элбэх оҕолоох ыалларга” кыбаартал оннуттан хамсаан, 6 оҕолоох ийэлээх аҕам Люция, Григорий Местниковтар улахан дьиэ кэргэн учаастактарыгар бу сайыҥҥаттан дьиэ туттар санаалаахпыт.
Ол курдук, бэйэҥ бас билэр дьиэҕэр олорорун уопсай дьиэтээҕэр атын буоллаҕа. Ыра санаа оҥостубуппут туолан эрэриттэн бука бары үөрэбит. Бэлиэ күннэргэ үөрүүбүтүн үллэстэ бэйэлээх бэйэбит дьиэбитигэр тоҕуоруһа мустар буолуохпут.
Харысхан Попов