Хамаҕаттаҕа Хомус эстафетата кэллэ

Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри, Хомус уонна Олоҥхо күннэрин иитинэн, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна, норуот ырыаһыта, импровизатор хомусчут, алгысчыт, олоҥхоһут
Нам улууһун, Таастаах, Партизан нэһилиэктэрин Ытык киһитэ Дмитрий Иванович Кривошапкин
аатын үйэтитэр улуустааҕы «Туой, ыллаа хомуһум!» үрүҥ көмүс бэлиэни көрсүү «Түһүлгэ» норуот айымньытын киинигэр буолла.

Нэһилиэк олохтоохторо сахалыы таҥастарын таҥнан, хохуоралаах тыллаах, хоҥкунас тыастаах хомустарын илдьэ кэлэн үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар.

Ол курдук, нэһилиэк общественнай түмсүүлэриттэн кэлэн, икки оскуола хомусчут оҕолоро түмсэн, хомус биһигин төрүттээбит Дмитрий Кривошапкин эт куолаһынан толорбут ырыатын күргүөмүнэн хомуһунан доҕуһуоллаатылар.
Икки ыаллыы нэһилиэктэр салайааччылара Евгений Ушницкай, Полина Скрябина, култуура үлэһиттэрэ Антонина Харитонова, Семен Алексеев, Владимир Колесов хардарыта саханы саха дэтэр дириҥ суолталаах тэрээһин саҕаламмытынан эҕэрдэ тылларын анаатылар.

Хомус куттаах партизаннар ытык бэлиэ оҥороннор эһиил бу үгэстэрин республикаҕа салгыыр былааннаахтарын биллэрдилэр.

Мария Винокурова

Читайте дальше