Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгин олохтоохторо, тэрилтэлэрэ, түмсүүлэрэ «Блиндажнай чүмэчи» акцияҕа көхтөөхтүк кытталлар.
Ирина Аверьянова сэбиэдиссэйдээх «Мозаика» маҕаһыын 2 дьааһык, олохтоох врачебнай амбулатория аатыттан быраас Марина Гоголева 48 устуука, «Дьулуур» инбэлииттэр түмсүүлэрэ — 40, «Сөрүө» түмсүүттэн Мария Аманатова — 22, Дмитрий Семенов — 21 чүмэчини спонсордаатылар.
«Тускул» уһуйаан үлэһиттэрэ бааҥкалаах чүмэчи оҥоһуутугар субуотунньуктаан бэлэмнээтилэр. Аҕам саастаахтар «Күбэй», «Барахсаана» түмсүүлэрэ бастакынан кыттыстылар. Бүгүн общественнай түмсүүлэр салайааччыта Сандаара Оротоо, «Кэскил» балаҕан хаһаайката Ольга Новгородова ыҥырыыларынан балаҕаҥҥа 14 киһи түмсэн 50 бааҥка чүмэчини оҥордулар.
Ити курдук, акция тохсунньу 18-25 күннэригэр ыытыллар.
Мария Винокурова