Хамаҕатталар «Хамаҕатта – мин дойдум» тэрээһиҥҥэ түмүстүлэр

Нам улууһун олохтоохторугар М.К. Аммосов аатынан култуура дыбарыаһыгар Хамаҕатта нэһилиэгин олохтоохторо “Хамаҕатта – мин Дойдум” улахан тэрээһини оҥордулар. Бэлиэтээн эттэххэ, бастыҥ дыбарыаспытыгар сыл устата бүттүүн улуус нэһилиэктэрэ бэйэлэрин талааннарын, киэн туттууларын көрдөрөллөр.

Дыбарыаска Хамаҕатта күнүн бэлиэтии, үөрүүнү үллэстэ кэлбиттэри алаадьынан, быырпаҕынан, саламаатынан күндүлээбиттэрэ. Нэһилиэк тэрилтэлэрин үлэлэрин ис хоһоонун, айар талааннаахтарын кэпсиир кинигэлэри быыстапкалаан туруорбуттара.

“Олохтоох дьаһалта, нэһилиэк уопсастыбанньыктарын кытта үлэлиир специалист Саргылана Зоирова үгүс үлэни аастылар. Кэнсиэрбитигэр «Түһүлгэ» НАК иһинэн үлэлиир уопсайа 14 түмсүү, 170 киһи кыттыыны ылла. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыыппыт саха-француз лицей учууталларыгар Вероника Лукинаҕа, Александр Петровка уонна Хамаҕатта-HOLLYWOOD суруктаах-бичиктээн фотозона оҥорбут Октябрина Барашковаҕа махтанабыт.

Кэлиигэ барыыга икки оскуолабыт автобустара дьону аҕалыыга, илдьиигэ таһан улахан көмөнү оҥордулар. Күүс-көмө буолбуттарга барыларыгар махтал. Нэһилиэкпит күнэ үрдүк таһымҥа ааста”, – диир “Түһүлгэ” НАК дириэктэрэ Антонина Харитонова.

«Хамаҕатта үүнэр-сайдар кэскиллээх» диэн бэйэлэрин тылларыгар Саргылана Иванова, Екатерина Быканова, Валентина Иванова, Саргылана Назарова, Саргылана Индеева дьүһүйүү оҥордулар.

Хамаҕатталар хара маҥнайгыттан түмсүүлээх буолалларын көрдөрөн – үөрүүлээх кэнсиэри оһуохайынан арыйдылар. Нэһилиэк баһылыга Евгений Ушницкай дьонугар-сэргэтигэр бэйэтин эҕэрдэ тылын иһитиннэрдэ.

5 сааһыттан таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттан саҕалаабыт Кобяков Айтал, олоҕун култуураҕа сыһыарбыт 80-нун лаппа ааспыт, хамаҕатталар убаастыыр Егор Леонтьевпыт кэнсиэргэ сүрүн оруоллаах таҕыстылар. Кырдьыга даҕаны, нэһилиэк «Хамаҕатта үүнэр-сайдар кэскиллээх» диэн этиини кытта ситимнэнэрэ манан туоһуланар эбит.

Кэнсиэргэ “Туой-иһит”, хомусчуттар, күпсүүр доҕуһуола иһилиннэ; Юлия Харитонова, Владислав Николаев, «Айыы Хотун» үҥкүү ансаамбыла, ыччат үҥкүүтүн ансаамбыла, «Күндүл» үҥкүү коллектива, «Радуга» оҕо үҥкүү коллектива, «Ретро-Данс» норуот үҥкүү коллектива, оҕо сылдьан «Радуга» ансаамбылга дьарыктаммыт кэрэ аҥаардар үҥкүүлэрин көрдүбүт; көрөөччүлэргэ Любовь Иванова, Саргылана Назарова, Айтал Кобяков, «Иэмэх» ансаамбыл, Анна Яковлева, Айсен Васильев, Николай Жирков, «Намылы» трио, «Кытыл кыыма» ырыа ансаамбыла, Юрий Кривогорницын, Екатерина, Илья Заболоцкайдар, “Ай-Ледис” үҥкүү бөлөҕө арыаллаах Наталья Булдакова ырыаларын бэлэх ууннулар; “Түһүлгэ” фольклор бөлөх, Афанасьев Вадим, Петров Миша, Василий Сивцев, “Добун Дорҕоон” бөлөх чабырҕахтары, хоһооннору доргуччу аахтылар; “Сыралҕан” мини-театр артыыстара көр-күлүү киэһэтинэн киэргэттилэр. Кэнсиэр кэмигэр олохтоох дьаһалта туруорбут сүүйүүлээх оонньуутугар кыайыылаахтар биллэн, гриль, лобзик, эт эрийэр тэриллэри ылан илии тутуурдаах бардылар.

Кэнсиэргэ саҥа сирэйдэр, саҥа ааттар кыттыыны ылбыттара киһини үөрдэр. Хас да тэрилтэ үлэһиттэриттэн таҥыллан тахсыбыт ыччат ансаамбыла баар буолбута сэргэх көстүү буолла. Ону тэҥэ Хамаҕаттаҕа эбии “Намылы” трио төрөөбүтэ кэрэхсэбиллээх.

Хамаҕатталар үөрүүнэн эрэ уйдарбакка, киһи уйадыйан ылар кэмин эмиэ аҕыннылар. Ол курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын ахтан-санаан, билиҥҥи байыаннай дьайыы кыргыһыытыгар дьоруойдуу охсуспут Ярослав Замятин, Алексей Захаров, Виталий Нератов сырдык тыыннарыгар “саҥата суох мүнүүтэ” биллэрдилэр.
Нам улууһугар Хамаҕатта күнэ биллэриллэн, көрөөччүлэр дуоһуйа сынньанан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Харысхан Попов

Читайте дальше