Ханнык да түгэҥҥэ – бииргэ

Граф Биэрэгин олохтоохторугар аадырыстаах көмө оҥоруута тохтообот. Бэҕэһээ, ыам ыйын 28 күнүгэр, Граф Биэрэгин олохтоохторо Людмила Васильевна, Николай Никифорович Петровтарга П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография, Хатыҥ Арыытааҕы историяны уонна кыраайы үөрэтэр, Никольскайдааҕы түмэллэр үлэһиттэрэ коллективынан кэлэннэр, халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьиэлэрин өрө тардарга, тиэргэни ыраастыырга көмөлөстүлэр, гуманитарнай көмө туттардылар.

Людмила Васильевна, Николай Никифорович иккиэн нэһилиэк общественниктара, «Сыдьаайа» үҥкүү бөлөх чилиэттэрэ. Людмила Васильевна дьахтар сэбиэтин, наставниктар, КДН чилиэнэ буолар, «Ситим» коллекционердар бөлөхтөрүн салайааччыта. Нэһилиэккэ ыытыллар араас культурнай-маассабай күрэхтэр көхтөөх кыттыылаахтара.

Петровтар улахан дьиэ кэргэн аатыттан Людмила Васильевна коллегаларыгар махтал тылларын тиэрдэллэр, ханнык да түгэҥҥэ бииргэ буолалларыгар махтаналлар, кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕараллар.

Надежда Сивцева

Хаартыскалар: Вера Федорова тиксэриитэ

Читайте дальше