Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин ийэлэрэ, эбэлэрэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга «Биэс харах» харысхал бэлиэлээх байыаннай таҥас тигэллэр.
Кинилэр «Далбар» дьахтар сүбэтин председателэ Дария Мальцева көҕүлээһининэн, олунньуттан саҕалаан тохтоло суох иистэнэ олороллор. От ыйын саҥата Дьокуускайтан «Илиим сылааһа» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэлэр акцияларынан тэриллибит иистэнэр сыах кэлэн маастар-кылаас оҥорбута. Үөрэх кэнниттэн Кыһыл Дэриэбинэ «Сайдыы» сынньалаҥ киинигэр мустан барыта: 14 устуука х/б көстүүм, тактическай ырбаахы; 2 устуука ардаҕы хотуппат көстүүм; 5 устуука х/б куурка тиктилэр. Таҥастарын тута Дьокуускайга, сыахха киллэрэн туттаран иһэллэр.
«Биэс харах» – Ытык уонна күүстээх харысхал хара дьайтан, куһаҕан тыынтан харыстаатын диэн бэйэлэрин ис санааларыттан харысхал бэчээттэтэн, таҥастарын ис өттүгэр тигэн ыыталлара олус долгутуулаах. Бу харысхаллары бэчээттэтэргэ нэһилиэк пенсионердара, бэтэрээннэрэ харчы хомуйан көмөлөһөллөр.
Ийэ сылаас илиитинэн ис дууһаттан тигиллибит харысхаллаах көстүүмнэр уолаттарга дьиэ сылааһын санатыаҕа.
Хатыҥ Арыы нэһилиэгин «Далбар» дьахтар сүбэтэ уонна общественноһа иистэнэр санаалаах улуус ийэлэрин бу үтүө акцияҕа кыттыһарга ыҥыраллар.
Надежда Сивцева, Аппааны