Нам улууһугар сыллата ыытыллар «Урожай» тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатыгар быйыл Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ маҥнайгы миэстэни ылан, кыайыы өрөгөйүн биллэ.

Улууска ыытыллар маннык тэрээһин нэһилиэк, түөлбэ олохтоохторун түмэр биир бастыҥ хардыынан буолар.

Быйыл «Хлеб — всему голова» бэрт дириҥ ис хоһоонноох теманы талан, онно бэлэмнэнэн, нэһилиэкпит бары общественноһа, культура үлэһиттэрэ, тэрилтэлэр, кэтэх хаһаайыстыбалар, олохтоохтор, дьаһалта үлэһиттэрин көхтөөх сырыыларынан кыайыыны ситистилэр.

Дьаарбаҥкаҕа Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ сонун көстүүтүнэн араас бурдук, күһүҥҥү хаһаас астар, мельница фотозона, минньигэс итии овсянкаттан хааһы буолла. Нэһилиэк баһылыга Иван Ноговицын дьүүллүүр сүбэҕэ дьаарбаҥкаҕа бэлэмнэммит толору астаах остуоллары, оформленияны сиһилии кэпсээн билиһиннэрдэ.

Дьаарбаҥкаҕа кэлбит Нам улууһун олохтоохторо үөрэ-көтө хаартыскаҕа түһэн, итии хааһы сиэн, минньигэс бурдук астан амсайан, төһө да тымныы буоллар сүргэлэрэ көтөҕүллэн махтаннылар.

Граф Биэрэгин биир киэн туттар улахан үөрэх тэрилтэтэ — Намнааҕы техникум преподователлэрэ Лариса Пермякова, Тамара Лыткина устудьуон оҕолору кытта буһарбыт ип-итии Граф килиэбин, уонча араас суол духуопкаҕа буспут бурдук аһын дьон хамаҕатык ылла.

Нэһилиэк кэтэх хаһаайыстыбалаахтара сымыыт, хаас, кус, сибиинньэ этин, оҕуруот аһын, араас көрүҥ мастары о.д.а. атылаатылар.

Бары дьаарбаҥкаҕа кыттыбыт бар дьоммутугар улахан махтал тылларын тиэрдэн туран, үлэлэригэр, үөрэхтэригэр ситиһиини, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт!

Надежда Сивцева

Читайте дальше