Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар улахан болҕомто ууруллар

Быйыл сайыҥҥы сынньалаҥынан Хатыҥ Арыы үрдүнэн уопсайа 300-чэкэ оҕо хабылынна. Сайыҥҥы сынньалаҥы сатабыллаахтык тэрийбит, үлэлэспит дьоҥҥо Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Ноговицын тэрилтэлэр планеркаларыгар махтал суруктары туттартаата, үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарда.

Быйыл нэһилиэккэ тэрилтэлэр истэригэр оҕо былаһааккалара ситиһиилээхтик үлэлээтилэр. Ол курдук, култуура дьиэтин иһинэн уопсайа үс: «Чороон» норуот айымньытын киинигэр оҕо дьоҕурун сайыннарар былаһааккаҕа фольклорга Нюргуяна Адамова, вокалга Горьяна Стрекаловская, хореографияҕа Варвара Иванова 25 оҕону бастакы сменаҕа Нюргуяна Адамова салайыытынан дьарыктаатылар. И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатыгар 50 оҕолоох «Кэнчээри» оҕо лааҕыра Туяра Максимова салайааччылаах үлэлээтэ. «Воин» байыаннай-полевой палаточнай лааҕыр, сал. Павел Оконешников, биир смена биэстии күн устата ыытыллан, үс смена аһыллан «Сытыган» сайылыкка үлэлээтэ, биирдии сменаҕа 30-туу оҕо Нам улууһуттан сынньаннылар. Граф Биэрэгин «Самородок» спортивнай кииҥҥэ «Алгыстаана», сал. Анна Охлопкова, уонна Затоннааҕы ситэтэ суох орто оскуола иһинэн «Бережок» былаһааккалара, директор Сергей Андреев, 20 оҕону хапта. Кыһыл Дэриэбинэҕэ «Сайдыы» СК иһинэн «Айылҕа оҕото» 10 оҕолоох былаһаакканы Анжелика Герасимова-Сивцева салайда. Маны тэҥэ, олохтоох библиотекаҕа «Хомусчаан» лааҕыр 10 оҕолоох Варвара Носкова салайыытынан үлэлээтэ. Хатыҥ Арыытааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар 20 оҕолоох «Мозаика» үнкүү бөлөҕө, салайааччы Анжелика Ноговицына, «Хатыҥчаан» звукостудияҕа 5 оҕолоох «Вспышка», сал. Гаврил Мальцев, үлэлээтилэр.

«Бригантина» сервиснай этэрээт үс сезон устата сааһын ситэ илик 35 оҕону үс дэриэбинэнэн Надежда Сивцева, Саргылана Сметанина үлэлэттилэр. Аппааны бөһүөлэгэр «Саһарҕа», сал. Ольга Игнатьева, Кыһыл Дэриэбинэҕэ «Сайылык оҕолоро», сал. Дмитрий Кривошапкин уоннуу оҕолоох дьиэ кэргэн биригээтин тэрийэн, иккис сезоҥҥа сынньатта. «Хотой» ДНД, хамандыыр Мичил Герасимов, сайын устата рейдэ оҥорон бэрээдэги көрдүлэр, оҕолорго бэсиэдэ аахтылар.

Надежда Сивцева

Читайте дальше