Хатыҥ Арыы нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата тохсунньу 18 күнүгэр 2023 сыллаах үлэтин үс дэриэбинэнэн сылдьан отчуоттаата.
Кыһыл Дэриэбинэҕэ 11:00 чаастан буолла, уопсайа 23 киһи кэлэн кытынна. Бастаан баһылык Иван Ноговицын отчуотун иһитиннэрдэ, салгыы олохтоох дьаһалта специалиһа Владимир Соловьев, онтон нэһилиэк депутаттарын сэбиэтин председателэ Евгений Жирков отчуоттаатылар. Олохтоохтор: Раиса Уваровская, Айталина Винокурова, Лариса Багынанова, Дмитрий Кривошапкин о.д.а. ыйытыылары биэрдилэр. Ол курдук, Улуу Кыайыы 80 сыла чугаһаабытынан пааматынньыгы тупсарыы; ходуһаҕа, Балыйаҕа, киирэр муоста өрөмүөнүн; МФЦ күрүөтүн тутуу; кулууп иннигэр ямочнай өрөмүөн; дэриэбинэ иһинээҕи суол өрөмүөнүн; кытаанах бөхтөрү быраҕар дьааһыктар алдьаныыларын, “Хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү” программа тула кэпсэттилэр. Уопсай түмүккэ олохтоохтор дьаһалта үлэтин биһирииллэрин эттилэр.
Күнүс 2 чааска Граф Биэрэгин олохтоохторо «Самородок» СК тоҕуоруһа муһуннар. Отчуоттуур хамыыһыйа иһитиннэриитин кэнниттэн кэккэ ыйытыылар бэрилиннилэр. Затон ситэтэ суох орто оскуолатын дириэктэрэ Сергей Андреев оскуолаҕа киириигэ кумах кутуутун уонна тротуар, сырдатыы оҥоһуллуутун, “Хаарбах дьиэттэн көһүү” программанан эдэр педагогтарга квартира көрүллүүтүн туруоруста. “Оскуола аатыттан Үөрэҕирии министиэрстибэтигэр 50 кв. м кытаанах сабыылаах уулусса тренажеругар сайаапка биэрбиппит, быйыл эмиэ туруорсуо этибит”, — диэн иһитиннэрдэ.
«Восход» түөлбэ салайааччыта Анжела Алексеева: “Аппааны – Нам суола өрөмүөннэниэ дуо? Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр программанан Граф Биэрэгэр Заложнай, Центральнай, Хутарскай, Новай уулуссаларга сырдатыы үлэтэ барыа дуо?” — диэн ыйытта.
Саргылана Сметанина сайыҥҥы водопроводу тохтобула суох биэрэргэ емкость наадатын, кулууп иннигэр оҕо былаһаакката олбуора алдьаммытын, онно остуолба маһа наадатын эттэ. Татьяна Сметанина сайыҥҥы водопровод тохтобула суох кэлиитигэр емкость уонна саҥа насос, өрүс пордун, транспорын, пассажирскай сырыыны сайыннарыахха наадатын туһунан эттэ. Маны тэҥэ, «Ивушка» вокальнай ансаамбыл норуот ансаамбыла буоларын ситиһии; кулууп тымныытынан капитальнай өрөмүөн наадатын; оҕо былаһааккатыгар видеонаблюдение холбуурга; уулуссалары сырдатыы туһунан этиилэр киирдилэр. Түмүккэ, бары олохтоох дьаһалта үлэтин биһирээтилэр.
Киэһэ 5 чаастан Аппааны бөһүөлэгэр «Чороон» норуот айымньытын киинигэр отчуоту истэ 55 киһи кэллэ. Манна олохтоохтор, тэрилтэ салайааччылара, үлэһиттэр, общественниктар кыттыыны ыллылар. Иван Ноговицын дьаһалта үлэтин отчуоттаата, салгыы Владимир Соловьевка, Евгений Жирковка тыл бэрилиннэ. Улуус депутаттарын аатыттан НКО «Воин» председателэ Павел Оконешников ааспыт күһүн Нам улууһуттан хамаанда буолан байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын баран көрсөн кэлбиттэрин уонна акция түмүгүнэн улуус дьонун–сэргэтин аатыттан ылыллыбыт араас наадалаах, туһалаах тэриллэри, дойдуларын аһын о.д.а илдьэн туттарбыттарын сиһилии кэпсээтэ, видеосюжет көрдөрдө.
Отчуоту иһитиннэрии кэнниттэн ыйытыктар киирдилэр. Оксана Лебедева общественность балаҕана тоҥон, хаһан оҥоһуллуон сөбүн, депуттар түөлбэлэргэ сыһыарыллан туох үлэни ыыталларын туһунан ыйыталаста. Салгыы утуу-субуу тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан эрэр эдэр уолаттар Арыйаан Винокуров уонна Василий Петров элбэх долгутар ыйытыыларын биэрдилэр. Ол курдук, кооператив арыналларыгар оттуур сир суоҕа мэһэйдиирин, сайынын паром сүүрбэтэ ыксаллаах, былдьаһыктаах күннэргэ моһоллору үөскэтэрин, агрооскуола үлэтин туһунан Арыйаан Винокуров эттэ.
Василий Петров 2023 сылга СӨ гранын ылан, тыа хаһаайыстыбатыгар былааннаммыт баҕа санаата туолбутун, докумуоҥҥа сүүрүүгэ сүбэ-ама биэрбит дьонугар Иван Ноговицыҥҥа, Екатерина Стручковаҕа, Алексей Евсеевкэ, Владимир Оконешниковка махтанарын туһунан эттэ. Уонна паром суоҕа эрэйдээҕин, Харыйалаахха соҕотох оттуурун, оттуур ходуһа тиийбэтин, өртөөһүнү бобоннор сэтиэнэх от үүнэрин туһунан санатан, нэһилиэгин, улууһун тыатын хаһаайыстыбата сайдарыгар-үүнэригэр бары күүһүн ууран үлэлиирин эттэ.
И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуола нуучча тылын учуутала Анна Васильева обществознание, нуучча тылын курдук предметтэргэ учуутал тиийбэтин, специалистарга дьиэ наадатын эттэ, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин иккис кинигэтэ хаһан тахсарын, И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан быйыл 110 үбүлүөйдээх сылынан туох үлэ барыахтааҕын ыйыталаста, тэрээһиҥҥэ улахан болҕомто ууруллан, үрдүк таһымнаах культурнай тэрээһиннэр ыытыллалларыгар этии киллэрдэ, кооператив боппуруоһа сытыытык турарын, сүөһүлээх аҕа саастаах дьон кооператив тэрилиннэҕинэ сүөһү көрдөрөөччү элбиэҕин туһунан санаатын эттэ.
Олохтоох дьаһалта тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Екатерина Стручкова кооперация үлэтин уонна «Маяк» туһунан иһитиннэрии оҥордо. Ыты иитии, көрүү боппуруоһа нэһилиэккэ сытыытык турарын, ааспыт сылга ыт боппуруоһугар мунньахтар, араас рейдэлэр ыытыллыбыттарын, нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү үлэтэ барбытын туһунан эттэ.
Василий Бурнашев нэһилиэккэ бааһына, күрүө, «Оҕустаах аартыга» суолун оҥоруутун, урут тутуллубут улахан хотону көтүрүү о.д.а. боппуруостары туруоруста уонна тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан эрэр эдэр уолаттары өйүүллэригэр, көмөлөһөллөрүгэр ыҥырда. Салгыы улахан массыыналар дэриэбинэ ортотунан сырыыларыгар, хаарбах дьиэттэн көһүү онтон да араас ыйытыылар киирэннэр толору хоруйдары ыллылар.
Түмүккэ олохтоохтор “Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ” МТ 2023 сылга ыыппыт үлэтин биһирииллэрин эттилэр, нэһилиэк салгыы сайдарын туһугар биир хамаанда буолан күүскэ үлэлииллэригэр ыҥырдылар.
Надежда Сивцева