Нам улууһун И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатыгар аҕа сүбэтин үлэтин сөргүттүлэр. Саҥа састаап тэриллэн председателинэн Максим Мордосов талыллыбыта. Хас биирдии кылаастан аҕалар сыһыарылыннылар.
Кулун тутар 18 күнүгэр аҕалар көҕүлээһиннэринэн аан бастакытын «Аҕа сүбэтин Кубога — 2024 сыл» диэн уол оҕолорго аналлаах өбүгэ оонньууларын ыыттылар. Күрэхтэһиигэ 5-8 кылаас уолаттара 3 кыттааччылаах хамаанда тэринэн кытыннылар.
Билиҥҥи кэмҥэ өбүгэлэрбит оонньуулара илии-атах, эт-хаан сайдыытыгар, өй-санаа тобуллуутугар, оҕо иитиитигэр дириҥ суолталаахтарын өйдөөн, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ далааһыннаахтык ыытар буоллулар. Өбүгэбит оонньуута сымса, имигэс, бэргэн буоларга, хараҕынан холуурга үөрэтэр, илии, тарбах былчыҥнара сайдарыгар көмөлөһөр, оҕо сахалыы тыыҥҥа иитиллэр, оонньуу нөҥүө доҕотторунуун иллээх, эйэлээх, доҕордуу сыһыаны олохтуурга үөрэнэр.
Уолаттар кириэс тэбии, тутум эргиир, лөкөөнү атаҕынан хамсатан ыраах барыы, ойбонтон уулааһын, халбас харата, мээчиги таба киллэрии, ыараханы көтөҕүү көрүҥнэргэ кииристилэр. Уопсайа 6 хамаанда, 18 уол кыттыыны ылла. Түмүккэ 5-6 кылаастарга: 1-кы миэстэ — 6 кыл., 2-с миэстэ — 5 «а» кыл., 3-с миэстэ — 5 «б» кыл.; 7-8 кылаастарга 1-кы миэстэ — 8 «а» кыл., 2-с миэстэ — 7 кыл., 3-с миэстэ — 8 «б» кыл. буоллулар. Хас көрүҥ аайы кыайыылаахтар быһаарыллан мэтээлинэн, добун суругунан наҕараадаланнылар. Уолаттар дуоһуйа, бэйэ-бэйэлэригэр ыалдьан олус көхтөөхтүк, сэргэхтик кытыннылар.
Семен Аргунов