Хатыҥ Арыыга дьиэ кыылыгар кутталы үөскэтэр аһыы оту үргээтилэр

Бэҕэһээ, ыам ыйын 14 күнүгэр, Аппааны бөһүөлэгэр «Тураахтабыт» диэн сиргэ олохтоох дьаһалта тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Алексей Евсеев уонна Хатыҥ Арыытааҕы ветеринарнай лечебница үлэһиттэрин көҕүлээһининэн аһыы оту (вех ядовитый) үргүүргэ субуотунньук буолла.

Хатыҥ Арыытааҕы ветеринарнай лечебница сэбиэдиссэйин э.т. Саргылана Петухова иһитиннэрбитинэн, “Вех ядовитый” ол эбэтэр аһыы от оҥхойдоох намыһах сирдэргэ, күөллэр, өрүстэр кытыыларыгар үүнэр. Бу үүнээйи олус дьааттаах буолан сүөһүлэргэ, сылгыларга кутталлаах. Аһыы от сайын иккис аҥарыгар үүнэр. Саамай дьааттаах сүмэһинэ силиһигэр баар. Дьиэ кыыла бу дьааттаах от 1-2 силиһин (200-250 гр.) сиэтэҕинэ тута өлүөн сөп.

Ынах сүөһү аһыы оту сиир түгэнигэр икки чааһынан ыарыы бастакы бэлиэлэрэ биллэллэр. Ол курдук, сүөһү олус куттас, соһуйа сылдьар буолар, ону тэҥэ оту кэбийэрэ, сыраана сүүрэрэ тохтуур, хараҕа кэҥиир, кыһыл өҥнөнөр. Дьаат иҥэриитин түгэнигэр тартарар уонна түмүгэр өлүөн сөп. Маннык түгэҥҥэ кыылга бастакы көмөнү тартарыан иннинэ эрэ оҥоруохха сөп.

Надежда Сивцева