Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр халаан уутун содулун туоратыыга хамыыһыйалар бөлөҕүнэн үлэлии олороллор. Билиҥҥи туругунан ыалларга газ холбонуутугар, дьиэлэртэн уу оботторуутугар үлэ ыытыллар. Маны тэҥэ, Жирков Евгений Геннадьевич, Замятин Олимпий Иванович, Герасимов Мичил Борисович салайааччылардаах үс бөлөх ыалларынан кэрийэн, уу киирбит содулун кээмэйдээһин үлэтэ барар. Билиҥҥи туругунан Кыһыл Дэриэбинэҕэ кээмэйдээн бүтэрдилэр, Аппааны, Граф Биэрэгэр үлэ салгыы бара турар.
Барыллаан ааҕыынан, билигин Аппааныга 44 уһаайба, 3 уопсай дьиэ, 10 чааһынай дьиэ; Граф Биэрэгэр 150 уһаайба, 29 уопсай дьиэ, 131 чааһынай дьиэ; Кыһыл Дэриэбинэҕэ 13 уһаайба, 5 чааһынай дьиэ ууга былдьанна.
Ыам ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, Граф Биэрэгэр 150 дьиэ, ол иһигэр 29 уопсай дьиэ, 8 социальнай эбийиэк; Аппааныга 15 дьиэ, ол иһигэр 3 уопсай дьиэ уонна 44 тэлгэһэ; Кыһыл Дэриэбинэҕэ 5 дьиэ, 8 тэлгэһэ, 2 социальнай эбийиэк ууттан босхолонно. 16 техника кэлэн үлэлээтэ. Граф Биэрэгэр ыам ыйын 20 күнүттэн
«Медицина катастроф» сулууспата үлэтин саҕалаабыта.
Нам улууһун дьаһалтатыттан күн аайы килиэбинэн, уунан, аһынан көмө оҥоһулла турар, ону тэҥэ сылаас таҥаһынан, дьиэҕэ туттуллар араас тэриллэринэн хааччыйаллар. Нэһилиэкпит олохтоохторуттан, тэрилтэлэриттэн, «Кустук», «Озернай» маҕаһыыннар, ООО «Копиртехсервис» генеральнай дириэктэр Никифоров А.Т., ИП Соловьев В.И., ИП Марков В.Р., АО «Россельхозбанк», түөлбэлэр гуманитарнай көмө оҥордулар. Маны тэҥэ, ыксаллаах быһыы-майгы кэмигэр олохтоохтор ас астаан ыытаннар, волонтердаан түүннэри үлэлээбит дьону аһатыыга, көрсүүгэ көмөлөрө улахан.
Халаан уутун туоратыыга Дьокуускай куораттан ООО «Универсал комплект», «Прогресс», «Сэттэ», АО «Якутдорстрой», ООО «Туймада Строй», ООО «Восток капитал», АО «Теплоэнергия», АО «Коммункомплектация», «Кинг 95» үлэлээтилэр. Техникалары МАУ «Спектр» дириэктэрэ Парников Сергей Владиславович салайда, олохтоохтор көмөлөрүнэн күҥҥэ биирдэ итии аһынан хааччылыннылар.
Халаан уутун кэмигэр дамбаны уонна суол кытыытын бөҕөргөтүүгэ нэһилиэкпит дьаһалтата, олохтоохторо, улууспут дьаһалтата, улуус тэрилтэлэрэ бүттүүн суббуотунньукка тахсаннар, улахан хоромньу тахсарын туораттылар.
Граф Биэрэгэр уу таһыма намтаан ыаллар дьиэлэрин истэрин куурдуу, өрө тардыныы үлэлэрэ бара тураллар. Биирдилээн ыалларга үлэлиир коллективтара, табаарыстара, коллегалар кэлэн көмөлөһөллөр.
Билигин олохтоох дьаһалта иһинэн информация хомуйуута, ууга барбыт ыаллар, тэлгэһэлэр испииһэктэрэ чопчуланар, салгыы акталанан докумуоннааһын үлэтэ барыаҕа.
Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьоно–сэргэтэ бу ыксаллаах бириэмэҕэ өссө төгүл бары биир сомоҕо буоламмыт түмсүүлээхпитин көрдөрдүбүт. Ыарахан кэмҥэ дьаһаллаах, түмсүүлээх, биир дойдулаахтарбытыттан өйөбүллээх буоламмыт улахан харгыстары туораатыбыт. Айылҕабыт ыыппыт харгыһын этэҥҥэ туорааммыт, салгыы үлэлииргэ бэлэммит.
Надежда Сивцева