Хатыҥ Арыыга көмө тиһигин быспакка кэлэр

Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар ыам ыйын 24-26 күннэригэр диэри халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Граф Биэрэгэ, Кыһыл Дэриэбинэ, Аппааны олохтоохторо хоромньуларын ааҕыытын сүрүн үлэтэ түмүктэнэн үмүрүйдэ. Маны тэҥэ, “Мои документы” МФЦ специалистара эмсэҕэлээччилэргэ “гоуслуги” нөнүө сайабылыанньа биэрэргэ көмө оҥордулар.

Хамыыһыйаҕа председателинэн Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин депутаттарын сэбиэтин председателэ Жирков Евгений Геннадьевич, чилиэттэринэн кылаабынай специалист Маркова Ингеборга Николаевна, сүрүннүүр специалист Семенова Саргылана Егоровна, юрист Никитина Анастасия Николаевна, сүрүннүүр специалист Стрекаловская Екатерина Васильевна, кылаабынай бухгалтер Слепцова Сахаяна Юрьевна, общественник Герасимов Мичил Борисович үлэлээтилэр. Ону таһынан, Нам улууһун администрациятыттан КУМИ специалиһа Сивцева Марфа Михайловна, “Сандаара” оҕо уһуйаан иитээччитэ Стрекаловская Анисия Иннокентьевна көмө буоллулар.

Бүгүннү туругунан 229 аадырыстан (ол иһигэр МКД) 39 аадырыс олохтоохторо кэлэн илии баттыыллара хаалла. Бу хаалбыт күннэргэ үлэ барыта түмүктэниэхтээх. Онон хаалбыт ыаллар кэлэн суһаллык түмүк аактаҕа илии баттыыргытыгар ыҥырабыт.

Халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбит Граф Биэрэгэр билигин даҕаны көмө ыытыыта тохтообокко ыытыллар. Ол курдук, ыам ыйын 26 күнүгэр Граф Биэрэгиттэн төрүттээх Дьокуускай куорат Гордуматын депутата Оконешников Яков Тимофеевич дьиэ кэргэнин аатыттан уонна “Матрасон” салон (сал. Оконешникова Александрина Александровна), Дьокуускайдааҕы Саха гимназия дириэктэрэ Софронеева Валентина Васильевна уонна көмө уопсастыбаннай киинэ (сал. Неустроева Саргылана Александровна) Граф Биэрэгин олохтоохторугар бэйэлэрин уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ааттарыттан фанатомическай матрастарынан, утуйар мал-сал, бытовой химия, хозтовар, таҥас-сап, ас-үөл гуманитарнай көмө оҥордулар.

Үтүө санаалаах өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторугар, салайааччыларыгар үтүө махтал тылларын тиэрдэбит. Доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!

Надежда Сивцева

Читайте дальше