Хатыҥ Арыыга устудьуоннар этэрээттэрэ үлэлиир

Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр «Гильдия» устудьуоннар этэрээттэрэ үлэлээбитэ иккис нэдиэлэтигэр барда. Этэрээт байыастара нэһилиэк тупсаҕай буолуутугар үлэлэһэллэр. Сквердэри, паарка кырааскатын, өрөмүөнүн, уу аҕалан бырахпыт бөҕүн хомуйуу үлэлэрэ бараллар.

Бэс ыйын 22 күнүгэр Аан дойдуга кутурҕан күнүн көрсө, устудьуоннар бүгүн  Өлүөнэ өрүс биэрэгэр Туллукка баар «Мэҥэ таас» сквер тула уу аҕалан бырахпыт бөҕүн, мастары хомуйдулар, ыраастаатылар.

2015 сыллаахха бэс ыйын 29 күнүгэр Туллукка Кыайыы 70 сылын көрсө сэриигэ ыҥырыллан барбыт 401 буойуттарга анаан «Мэҥэ Таас» үөрүүлээх аһыллыыта буолбута. Сылын аайы сквери нэһилиэк Н.Д. Наумова салайааччылаах хаалыктаах хаамыы бөлөх кэлэн ыраастыыр, хомуйар.

Нэһилиэкпит биир ытык сирэ ыраас, тупсаҕай буоларыгар дьулуһуохха.

Надежда Сивцева