Хатырыкка үөрэммит, үлэлээбит уонна олохтоох эр дьон мустан, улуу убайбыт Максим Аммосов төрөөбүт сиригэр Аччыгый Арыыга киирэн алгыс, оһуохайдаан күүс-уох ылар «Хатырыктар түмсэллэр» диэн тэрээһин үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, сылын аайы Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ыытыллар тэрээһин быйыл үһүс төгүлүн буолла.
Быйылгы түмсүү соругунан нэһилиэккэ муҥха ылыыта буолбута. Маныаха 170-тан тахса тыһыынча солк. киирэн муҥхаланар буоллубут. Биир дойдулаахпыт Сайаан Мухин СВО-ттан уоппускаҕа кэлэ сылдьарын уруйдуу-айхаллыы көрүстүбүт. «Хатырык нэһилиэгэ» МТ баһылыгын эппиэтинэһин толорооччу Артур Ноговицын Сайааҥҥа «Хатырык чулуу ыччата» бэлиэни туттарда.
Бу тэриллиигэ олохтоох дьаһалта, спонсордар көмөлөрүнэн сүүйүүлээх оонньуу буолла. Сүрүн бириистэринэн убаһа уонна бүтүн таба этэ оонньонон улахан интэриэһи үөскэттэ.
Улахан сүүйүүлэргэ тиксибит дьону кыттааччылар таҥара көрөн аныыр эбит диэн астыннылар. Ол курдук, таба этэ, истиин-үөстүүн, төбөлүүн олохтоох Айаан Рехлясовка түбэстэ. Айаан бу түмсүүлэргэ үс сыл тухары сүүһүнэн киһини астаан аһатта, быйыл собо миининэн күндүлээтэ.
Аны убаһабыт Хатырыкка буолар араас тэрээһиннэргэ мэлдьи ботуччу харчынан кыттыһар Игнат Ощепковка түбэстэ. Игнат хаһан да аккаастаммакка төрөөбүт дойдутугар мэлдьи көмөлөһөр. Түмсүүбүт ситиһиитэ — нэһилиэк муҥхаланар буолла. Ону таһынан элбэх, 50-тан тахса туттар тэрил, маҕаһыыннарга сертификаттар, олохтоохтор оҥоһуктара оонньонно.
Түмсүүгэ Намтан улуус булчуттарын уопсастыбатын салайааччыта Иван Яковлев кэлэн булка, балыкка сокуоннар тустарынан кэпсээтэ, сүбэ-ама биэрдэ. Элбэх ыйытыкка хоруйдаата.
Дартс, корнхолл көрүҥнэргэ күрэхтэһиилэр ыытылыннылар, булт-алт туһунан биктэриинэлэргэ кытыннылар. Элбэх киһи эрэнэ күүппүт улахан бириистээх оонньуубутун бу түмсүүнү төрүттээбит Александр Дьяконов иилээн-саҕалаан ыытта. Манна даҕатан эттэххэ, убаһа бирииһи Хатырык МАУ, оттон биир бүтүн таба этин Хатырык күтүөтэ Гаврил Бурцев туруордулар. Гаврил былырыын кэлэ сылдьан, тэрээһини сэргээн, эбиитин олохтоох уус Лоҥхо Уус быһаҕын сүүйэн турар. Онно таба туруоруох буолбутун, соччо аахайбатах буолуохтаахпыт. Хоту дойду хоһууна тылыгар туран табатын аҕата Иннокентий Дмитриевинэн ыыппыт.
***
Олунньу 26 күнүгэр улуус нэһилиэктэрэ Хатырыкка кэлэн сыллааҕы түмүктэрин таһаардылар. Улахан нэһилиэктэргэ Хатырык үһүс бириистээх миэстэни ылла. Оттон ыччат политикатыгар быйыл иккис төгүлүн бастаата (сал. А.Татаринов). Итиэннэ Хатырык дьаһалтата 5 көрүҥҥэ бириистээх миэстэлэргэ тигистэ.
Спорт сонуннара
Улууска күрэхтэһиилэригэр сахалыы атах оонньуутугар 4-с миэстэ, многоборьеҕа 3-с миэстэ, волейболга уолаттарга 1 миэстэ, кыргыттарга 2-с миэстэ буоллулар.
Хатырык орто оскуолатын иһинэн сахалыы оонньууларга 11 оҕо кытынна. 1 миэстэ — Собакин Альберт, 2-с миэстэ — Гуляев Коля, 3-с миэстэ Винокуров Давид буоллулар.
Эрчим Баһыл, Хатырык пресс-киинэ
Хаартыскаҕа Николай Поротов түһэриитэ.