Мин төрөөбүт дойдум Эҥсиэли хочото. Ойор-тэбэр оҕо сааһым улуус хоту өттүгэр сытар Хатырык нэһилиэгэр ааспыта. Онно мин билбитим сир ийэ киэҥин, киһи олох олорорун, араас кыыл, көтөр үөскүүрүн, күн сылаастык тыгарын уонна төрөппүт ийэ итии тапталын.
Мин үөскээбит Хатырыкпар саха саарына, ураты киһи Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ. Кини Хатырыктан соҕуруулуу илин диэки Аччыгый Арыы диэн сиргэ күн сирин көрбүт. Төһө да дьадаҥы, «хараҥа» олоххо олордор, үөрэхтэнэн норуотун туһугар туруулаһан, бэйэтин кэнниттэн умнуллубат уһун суолу хаалларбыта.
Хатырыктан арҕаа диэки тахсан халыҥнык тэлгэммит хара тыаны аастахха, халлаан диэки харбаспыт үрдүк мастардаах мырааҥҥа кэтиллэ түһэҕин. Оттон ол мырааннар хоту-соҕуруу диэки тэбис-тэҥник кэчигирэһэн киирэн бара тураллар. Мырааҥҥа таҕыстахха, эйигин уоскулаҥ санаа кууһар. Сөрүүн тыалга оҕустаран, сылаас күн сардаҥатыгар бигэтэн төрөөбүт дойдугун — Эҥсиэли кэтит иэнин одуулаһаҕын. Оттон Хатырыктан илин диэки иирэ талахтары эргийэ бардахха киэҥ киэлилээх, дохсун сүүрүктээх, үс үөстээх улуу Өлүөнэ өрүспүтүгэр иҥнэҕин. Эбэҕэ хас киирдэҕин аайы саҥаттан саҥа, кэрэттэн кэрэ көстүү арыллан иһэр. Харах ыларын тухары субуллар арыылар туспа кэрэ хартыына буолан киһи хараҕын тардаллар. Онтон кини кытыытын устун дохсун сүүрүк күүстээх тыаһыгар хаамтаххына өрүһү кыйа тэлгэммит кытыллар киэҥ иэннэрэ көҕөрө тэлгэнэр. Хас сыһыыга, хонууга таҕыстаҕыҥ аайы, эйигин биллибэт нарын иэйии кууһа түһэр. Оччоҕуна бүтүн бэйэҥ сылаанньыйан, ыллыы-туойа дойдун устун дохсун санааҕа доҕуһуоллатан хаама тураҕын…
Ким билиэ баарай, баҕар, бу мин хаамар сирбинэн хаһан эрэ Максим Аммосов хаампыта буолуо. Баҕар, кини эмиэ сөрүүн салгын сайа охсор, күн сылаастык тыгар сиригэр, мыраан үрдүгэр тахсан Эҥсиэли кэтит иэнин одуулаһарын сөбүлүүрэ эбитэ буолуо. Чахчыта оннук дии санаатахпына, дууһам өрүкүйэр, сүрэҕим нүөлүйэр. Мин курдук оҕо сылдьан күөх кытыл устун хааман, кэрэ иэйиигэ куустаран санаатын сааһылыырын астынара буолуо.
Ким билиэ баарай… Мин таптыыр Өлүөнэ өрүспүн миигиннээҕэр итии тапталынан таптыыра, мин ахтар үрдүк мырааннарбын дойдутуттан тэлэһийэ сылдьан ордук ахтара эбитэ буолуо диэн сүрэҕим бүк эрэнэр. Кини хас хаампыт, сылдьыбыт суола, ыллыга, кырдаллара, үрдүк харыйалара билэн турдахтара — оччотооҕу кэмнэри, саха ньургун уолун Максимы. Биһиэхэ, Хатырык дьонугар хас биирдии иирэ талахтар, күөллээх алардар, сибэккилээх хонуулар, күөх ходуһалар биир дойдулаахпытын өрүү санаталлар. Онон биһиги, Хатырык ыччата, кини сүдү аатынан киэн тутта, кини хаампыт ийэ буорун ыраастык тутан, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһан олордорбут, ол буолуо этэ кини сырдык кэриэһигэр бэриниибит.
Мин төрөөбүт дойдум—Хатырык нэһилиэгэ улуу киһи үөскүү сылдьыбыт сирэ. Мин ол дойдуга уол оҕо төрөөн дьоллоохпун дэнэбин.
Илларион РОМАНОВ, ХСФО, 10 кылаас, «Репортер» түмсүү, 2007 сыл