Бүгүн Нам улууһун Хатырыгар Саха сирин ыччата бастакы республикатааҕы М.К. Аммосов көһө сылдьар Кубогар культурнай-спортивнай слекка муһунна.
Максим Аммосов төрөөбүт түөлбэтигэр ыччат атырдьах ыйын 19 күнүгэр диэри спортивнай күрэхтэһиилэргэ, культурнай конкурстарга уонна да атын элбэх тэрээһиннэргэ, семинардарга кыттыахтара, М.К. Аммосов аатынан государственность историятын музейыгар сылдьыахтара, атынан экстремальнай айаны сылдьыбыт Дугуйдан Винокуровы көрсөн атах тэпсэн олорон кэпсэтиэхтэрэ. Ону тэҥэ, кыттааччылар грант өйөбүлүгэр федеральнай экспертэн уонна Ыччат парламенын председателэ Антон Васильевтан дириҥ ис хоһоонноох үөрэх ылыахтара.
Бүгүн араас улуустан кэлбит хамаандалар бэйэни билиһиннэрииттэн слету саҕалаатылар. «Славься Отчизна, Россия моя!» диэн темалаах патриотическай тыыннаах ырыалары толорууга конкурс буолла. Кыттааччылары өссө да икки күн устата киэҥ хабааннаах тэрээһиннэр күүтэллэр.
Семен Аргунов