Хатырыктар Улуу Кыайыы 79 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр

Ыам ыйын 8 күнүгэр Хатырык олохтоохторо Улуу Кыайыы 79 сылын үөрэ-көтө көрүстүлэр. Нэһилиэк тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, үлэ, тыыл бэтэрээннэрэ, оскуола оҕолоро, уһуйаан иитиллээччилэрэ, общественность кыттыылаах үгэскэ кубулуйбут Кыайыы парада ыытылынна.

Аҕа дойду Улуу сэриитин скверигэр Кыайыы 79 сылыгар анаммыт үөрүүлээх миитин буолла. Манна «Хатырык нэһилиэгэ» МТ баһылык э.т. Артур Ноговицын, «Нам улууһа» МТ дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Владимир Макаров, ону тэҥэ Хатырык нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Дьяконова Кыайыы күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтилэр.

Ол кэнниттэн М.К. Аммосов аатынан культурнай-спортивнай элбэх хайысхалаах кииҥҥэ үлэ, тыыл бэтэрээннэригэр «Күөх уот» ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ кэлбит бэтэрээннэр, ыҥырыылаах ыалдьыттар ирэ-хоро кэпсэтэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Любовь Левина, «Сайдам» НАДь дьиэтин уус-уран салайааччыта,

Николай Поротов хаартыскаҕа түһэриитэ.

 

Читайте дальше