Партизан нэһилиэгиттэн Соловьевтар дьиэ кэргэн “Көҕүөр” ансаамбыла Самараҕа ыытылла турар «Семья России» Бүтүн Россиятааҕы фестивальга хомуска оонньоон лауреат үрдүк аатын ылла.
Үөрүүлээх илдьит бүгүн Дьиэ кэргэн таптал, эрэл күнүгэр кэлэн, нэһилиэкпитигэр эрэ буолбакка, бүтүн Нам улууһугар наһаа үчүгэй сонун буолла — үөрүү муҥура суох!
Бу улахан түһүлгэҕэ Николай, Людмила Соловьевтар кыыстара Вера Гаврильева, сиэннэрэ Сандал, Сайнаара, саҥастара Анастасия Соловьева буолан кытыннылар.
Самараҕа от ыйын 6-9 күннэригэр «Семьи России» диэн Бүтүн Россиятааҕы дьиэ кэргэн уус-уран фестивала буола турар. Бу киэҥ ыҥырыылаах культура бырайыагар дойду 24 регионуттан 23 ырыа, фольклор дьиэ кэргэн коллективтара кытталлар. Фестиваль дойдуга Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт тэрээһиннэргэ киирэн «Развитие культуры» РФ государственнай программанан ыытыллар.
Төрүт үгэһи илдьэ сылдьар, тарҕатар хас эмэ көлүөнэ ыаллар – оҕолор, төрөппүттэр, эбэлэр, эһэлэр бу улахан түһүлгэҕэ талааннарын уратыларын көрдөрдүлэр.
Кинилэри барыларын төрөөбүт дойдуга таптал уонна төрүт культураларыгар харыстабыллаах сыһыан түмэр. Фестиваль кыттааччыларга уонна көрөөччүлэргэ үгүс чаҕылхай түгэннэри бэлэхтээтэ, уопут атастаһарга бэртээхэй былаһаакка буолла.
Полина Скрябина