Бүгүн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев үөрүүлээх быһыыга-майгыга Нам улууһун олохтооҕо, биир дойдулаахпыт Олег Акиловка “Хорсунун иһин” II истиэпэннээх мэтээл туттарда.
Олег Акилов баҕа өттүнэн “Боотур” этэрээккэ кыттыһан, байыаннай дьайыы буола турар сиригэр муус устарга айаннаабыта. Бойобуой сорудахтары толорон “Хорсунун иһин” II истиэпэннээх мэтээлинэн наҕараадаламмыт саллаат дойдутугар алтынньыга кэлбитэ. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга ууну-уоту ортотунан сылдьарга судургута суох быһаарыныы ылыммыта биһиэхэ барыбытыгар холобур буолар.
“Наммыт улууһун, Сахабыт сирин салалталарыгар, дьоммутугар-сэргэбитигэр күүс-көмө оҥороллоругар махтанабыт! Кыайыы туһугар бука бары күүспүтүн уурабыт”, – диир Олег Витальевич.
Харысхан Попов