Сэтинньи 9 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан култуура дыбарыаһыгар Нам художественнай түмэлигэрРСФСР судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ норуотун худуоһунньуга, ССРС худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, А.И. Софронов-Алампа аатынан уопсастыбаннай бириэмийэ хаһаайына Эдуард Иосифович Васильев натюрморт уруһуйдарын быыстапката аһылынна. Көрдөрүүгэ аҕатын удьуордаабыт П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищены, онтон АГИКИ-ни бүтэрбит кыра уоллара Дмитрий Эдуардович үлэлэрэ эмиэ турдулар.
Аалай лиэнтэни Эдуард Васильев, кини уола Дмитрий Васильев уонна Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы Петр Абрамов быһа кырыйдылар. Мустубут дьон Дьокуускай куораттан кэлбит удьуор уруһуйдьут дьоһун мааны ыалдьыттары — Васильевтар дьиэ кэргэни: Эдуард Иосифовиһы, кини кэргэнин Люция Дмитриевнаны уонна уолларын Дмитрий Эдуардовиһы дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлии көрүстүлэр. Үөрүүлээх тэрээһини музей дириэктэрэ Екатерина Ширяева иилээн-саҕалаан ыытта, худуоһунньук олоҕун, үлэтин кэпсээтэ. Оттон Эдуард Иосифович быыстапкаҕа турбут 30-тан тахса үлэтин сырдатта, ыйытыыларга хоруйдаата.
Искусствоҕа сыһыаннаах дьон бэлиэтээбиттэринэн, Эдуард Васильев хартыыналарыгар бэйэтин кэмэ уонна ураты буочардаммыта арылхайдык көстөр. Худуоһунньук үлэлэригэр станковизм принциптэрин тутуһан уонна натура чинчийиилэригэр охтон, уруһуйдарын ис хоһоонун сахалыы тыыннаан ураты буочарынан дьүһүйбүт. Ол курдук, саха норуотун культуратын, историятын, өйүн-санаатын сайдыыта кини уруһуйдарын сүнньүнэн буолбут. Худуоһунньук үлэлэрэ дириҥ толкуйу үөскэтэллэр, олоххо дириҥ философскай көрүүлэри саҕаллар. Элбэх хартыыналары уруһуйдаабыт, ол иһигэр лирико-монументальнай хартыыналары айбыт: «Дьокуускайга политсыылынай» (1987с.), «Ревкомовеһыкөмүү» (1985с.), «Отутус сыллар оҕолоро» (1986с.), «Эргэ Дьокуускайга» (1990с.), «Иохельсон ыһыаҕа» (2018с.) уо.д.а.
Эдуард Иосифович улахан уус-уран быыстапкаларга көтүппэккэ кыттыбыт: Бүтүн Россиятааҕыга — «Биһиги БАМ-ы тутабыт», «Төрөөбүт дойдубут устун», «Эйэни турууласпыппыт – эйэни харыстыахпыт», «Сэбиэскэй Россия», эрэгийиэннээҕигэ — «Илин Уһук», ону сэргэ өрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаларга.
Айар үлэтин таһынан кини үөрэммит, худуоһунньук идэтин ылбыт үөрэҕин кыһатыгар П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа өр сылларга преподавателлээбит, кэлин — Арктическай ГИКИ-гэ. Идэтигэр бэриниилээх учуутал үөрэппит, билиитин бэрсибит оҕолоруттан Туйаара Шапошникова, Евдокия Романова, Наталья Николаева, Дьулустан Бойтунов, Валентина Никифорова о.д.а. өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр худуоһунньуктарынан буоллулар.
Э.И. Васильев оҕо сааһа, эдэр сыллара ааспыт Эҥсиэли хочотугар тэриллибит үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кини үрдүк аатыгар эҕэрдэлэрин тиэртилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар: СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, искусствовед, СӨ Национальнай художественнай түмэлин ыстаарсай научнай сотруднига Галина Афанасьевна Сафронова уонна РФ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, искусствовед, СӨ Национальнай художественнай түмэл кылаабынай научнай сотруднига Галина Гаврильевна Неустроева, худуоһунньуктар Саха сиринээҕи сойуустарынаатыттан РФ, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, искусствовед, АГИКИ профессора Зинаида Ивановна Иванова-Унарова, муосчут, РФ үтүөлээх худуоһунньуга Михаил Николаевич Слепцов, «Нам улууһа» МТ баһылыгы солбуйааччы Петр Васильевич Абрамов, Намнааҕы художественнай музейы төрүттээбит, музей бастакы салайааччыта Екатерина Павловна Павлова, Нам улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управление начаалынньыгын солбуйааччы Александра Николаевна Новгородова.
Бу быыстапка РФ Педагог уонна настаабынньык, СӨ Үлэ сылынан уонна Эдуард Иосифович Васильев 80 сааһын туоларыгар ананна уонна 2024 сыл олунньу ый бүтүөр диэри туруоҕа. Намнааҕы художественнай түмэл улууспут олохтоохторун онуоха диэри кэрэни кэрэхсээн, быыстапканы көрөргүтүгэр ыҥырар.
Касьян Олесов-Олук