Нам улуустааҕы ИДьУО-гар нэдиэлэ устатыгар барыта 64 иһитиннэрии киирбит. Ол иһигэр:
— Баһаар -2
— Уоруу – 3
— Дьон-малын алдьатыы – 1
— Түөкүннээһин – 4
— Маһы көҥүлэ суох кэрдии — 1
— Өлүгү булуу – 1
— Халааһын — 1
— Суол саахала — 1
ГАИ линиятынан нэдиэлэ устата барыта 210 массыына бэрэбиэркэлэннэ. Ол түмүгэр 97 административнай боротокуол туолла:
— Оҕону таһыы быраабылатын кэһии- 10
— Көҥүлэ суох (быраабы быһыллыбыт) дьон массыына ыытыыга — 11
— Арыгы иһэн баран уруулга олоруу – 3
— Сатыы хаамааччы киһи суол быраабылатын кэһиитэ — 8
— Стоянкаҕа 9 массыына турда.
ИДЬУО сэрэтэр: билбэт дьоҥҥутугар, баан картатын нүөмэрин, смс пароллары биэримэҥ, араас рекламаларга итэҕэйимэҥ, саарбах счеттарга харчыгытын ыытымаҥ!
Халлаан сылыйбытынан оҕо-аймах велосипедынан сылдьара элбээтэ. Массыына сылдьар суолугар, уулуссаҕа, суолга 14 саастарын туолбут оҕолор тэбэллэрэ көҥүллэнэр. Велосипедистар кааскалаах, наколенниктаах буолаллара ирдэнэр. Велосипедка светоотражатель баар буолуохтаах. Онон бука бары суолга сэрэхтээх буоларгытыгар, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Велосипед хаһаайыннара велосипедкытын көрүүтэ –харайыыта суох хаалларымаҥ!
“Эҥсиэли” хаһыат