Нам улуустааҕы ИДьУО-гар нэдиэлэ устатыгар барыта 81 иһитиннэрии киирбит. Ол иһигэр:
— уоруу – 1
— киһи өлүгүн булуу – 3
— баһаар -1
— түөкүннээһин – 2
— арыгы иһэн баран иккистээн массыына ыытыы – 2
—уоруллубут мал-сал атыыта — 1
— атын киһи баайын-дуолун алдьатыы – 1
—сааны-саадаҕы сүтэрии — 1
Барыта 115 административнай боротокуол туолла. Мантан 105 ГАИ линиятынан. 249 транспорт бэрэбиэркэлэннэ.
— Оҕону таһыы быраабылатын кэһии- 13
— көҥүлэ суох (бырааба быһыллыбыт) дьон массыына ыытыыга — 8
— итирик туруктаах массыына ыытыы – 3
— сатыы хаамааччы киһи суол быраабылатын кэһиитэ — 12
— стоянкаҕа 7 массыына турда.
ИДЬУО сэрэтэр: билбэт дьоҥҥутугар, баан картатын нүөмэрин, смс пароллары биэримэҥ, араас рекламаларга итэҕэйимэҥ, саарбах счеттарга харчыгытын ыытымаҥ!
Халлаан сылыйбытынан оҕо-аймах велосипедынан сылдьара элбээтэ. Массыына сылдьар суолугар, уулуссаҕа, суолга 14 саастарын туолбут оҕолор тэбэллэрэ көҥүллэнэр. Велосипедистар кааскалаах, наколенниктаах буолаллара ирдэнэр. Велосипедка светоотражатель баар буолуохтаах. Онон бука бары суолга сэрэхтээх буоларгытыгар, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Велосипед хаһаайыннара велосипедкытын көрүүтэ –харайыыта суох хаалларымаҥ!
«Эҥсиэли» хаһыат