Нам улуустааҕы ИДьУО-гар нэдиэлэ устатыгар барыта 79 иһитиннэрии киирбит.
Ол иһигэр:
— эт-хаан эчэйиитэ — 5
— киһини өлөрүү – 1
— баһаар – 3
— суол саахала — 1
— арыгы атыытын быраабылатын кэһии – 1
— түөкүннээһин – 1
— уоруу – 1
— сымыйа докумуону оҥоруу уонна атыылааһын — 1
ГАИ нэдиэлэ устата барыта 287 массыына бэрэбиэркэлээтэ. Ол түмүгэр 107 административнай боротокуол туолла:
— Оҕону таһыы быраабылатын кэһии- 12
— көҥүлэ суох(бырааба быһыллыбыт) дьон массыына ыытыыга — 16
— арыгы иһэн баран уруулга олоруу – 6
— сатыы хаамааччы киһи суол быраабылатын кэһиитэ — 6
— стоянкаҕа 16 массыына турда.
ИДЬУО сэрэтэр: билбэт дьоҥҥутугар, баан картатын нүөмэрин, смс пароллары биэримэҥ, араас рекламаларга итэҕэйимэҥ, саарбах счеттарга харчыгытын ыытымаҥ!
Халлаан сылыйбытынан оҕо-аймах велосипедынан сылдьара элбээтэ. Массыына сылдьар суолугар, уулуссаҕа, суолга 14 саастарын туолбут оҕолор тэбэллэрэ көҥүллэнэр. Велосипедистар кааскалаах, наколенниктаах буолаллара ирдэнэр. Велосипедка светоотражатель баар буолуохтаах. Онон бука бары суолга сэрэхтээх буоларгытыгар, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Велосипед хаһаайыннара велосипедкытын көрүүтэ –харайыыта суох хаалларымаҥ!
«Эҥсиэли» хаһыат