Нам улуустааҕы ИДьО-гар нэдиэлэ устатыгар (15.07.2024-21.07.2024 сс.) уопсайа 77 иһитиннэрии киирбит. Ол иһигэр:

— эт-хаан эчэйиитэ – 2

— түөкүннээһин – 2

— өлөрүү – 1

ГАИ линиятынан нэдиэлэ устата барыта 323 массыына бэрэбиэркэлэннэ. Ол түмүгэр 89 административнай боротокуол туолла:

— Оҕону таһыы быраабылатын кэһии- 9;

— көҥүлэ суох (бырааба быһыллыбыт) дьон массыына ыытыыга — 8

— арыгы иһэн баран уруулга олоруу – 4

— сатыы хаамааччы суол быраабылатын кэһиитэ — 5

Стоянкаҕа 10 массыына турда.

ИДьУО сэрэтэр: билбэт дьоҥҥутугар баан картатын нүөмэрин, смс пароллары биэримэҥ, араас рекламаларга итэҕэйимэҥ, саарбах счеттарга  харчыгытын ыытымаҥ!!! 

Оҕо аймах велосипедынан сылдьара элбээтэ. Массыына сылдьар суолугар, уулуссаҕа, суолга 14 саастарын туолбут оҕолор тэбэллэрэ көҥүллэнэр. Велосипедка каскалаах, наколенниктаах буолаллара ирдэнэр, светоотражитель баар буолуохтаах. Онон, бука бары, суолга сэрэхтээх буоларгытыгар, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Хаһаайыттар велосипедкытын мээнэ көрүүтэ–харайыыта суох хаалларымаҥ!

 

 

Читайте дальше