ИДьУО иһитиннэрэр

Нам улуустааҕы ИДьО-гар нэдиэлэ устатыгар (12.08— 18.08.2024) уопсайа 83 иһитиннэрии киирбит.

Ол иһигэр:

  • суол саахала – 1,
  • саа харайыытын быраабылатын кэһии – 1,
  • уоруу – 5,
  • баһаар – 2,
  • наркотигы туттуу – 1,
  • өлөрүүнэн куттааһын – 1,
  • атын дьон малын алдьатыы – 1,
  • эт-хаан эчэйиитэ – 1.

Нэдиэлэ устата барыта 321 массыына бэрэбиэркэлэннэ. Ол түмүгэр 126 административнай боротокуол толорулунна:

-оҕону таһыы быраабылатын кэһии – 11;

-итирик туруктаах транспоры ыытыы – 4,

-анал көҥүлэ суох (бырааба быһыллыбыт) дьон массыына ыытыыта – 15;

-сатыы киһи суол быраабылатын кэһиитэ – 7;

-массыынаны стоянкаҕа туруоруу – 18.

ИДЬО сэрэтэр:

Билбэт дьоҥҥутугар баан картатын нүөмэрин, смс пароллары биэримэҥ, араас рекламаларга итэҕэйимэҥ, саарбах счеттарга харчыгытын ыытымаҥ!

Оҕо аймах велосипедынан сылдьара элбээтэ. Массыына сылдьар суолугар, уулуссаҕа 14 саастарын туолбут эрэ оҕолор велосипеды тэбэллэрэ көҥүллэнэр. Велосипедистар каскалаах, наколенниктаах буолаллара ирдэнэр. Велосипедка светоотражатель баар буолуохтаах. Онон, бука бары, суолга сэрэхтээх буоларгытыгар, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Велосипед хаһаайыннара бэйэҕит велосипедкытын көрө сылдьыҥ, мээнэ көрүүтэ–харайыыта суох хаалларымаҥ!!!

 

Читайте дальше