ИДьУО иһитиннэрэр: Түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэримэҥ!

Нам улуустааҕы ИДьО-гар нэдиэлэ устатыгар (02.10. — 08.10.2023) уопсайа 56 иһитиннэрии киирбит.

Ол иһигэр:

  • түөкүннээһин – 2,
  • уоруу – 1,
  • өлөрүүнэн куттааһын – 2,
  • сааны сокуоннайа суох туттуу – 1,
  • сураҕа суох сүтүү – 1,
  • дьиэҕэ көҥүлэ суох киирии – 1.

Нэдиэлэ устата барыта 210 массыына бэрэбиэркэлэннэ. Ол түмүгэр 87 административнай боротокуол толорулунна:

-оҕону таһыы быраабылатын кэһии – 14;

-анал көҥүлэ суох (бырааба быһыллыбыт) дьон массыына ыытыыта – 5;

-арыгы иһэн баран уруулга олоруу – 1;

-сатыы киһи суол быраабылатын кэһиитэ – 4;

-массыынаны стоянкаҕа туруоруу – 5.

ИДьМ сэрэтэр:

 Аферистар дьон аккаунун алдьатан киирэн, кинилэр ааттарыттан конкурска куоластыырга көрдөһөллөр. Холобура, түөкүттэр интернет-күрэхтэһии страницатыгар оҕо уруһуйун өйөөн куоластыырга көрдөһөллөр. Сообщениелар билсэр дьон аатыттан кэлэллэр, онон дьон-сэргэ итэҕэйэн ыйыллыбыт саайка киирэн регистрацияланаллар. Дьиҥнээҕэ, бу сымыйа сайт буолар. Сымыйа сайтынан туһанан түөкүттэр киһи тус дааннайын уораллар. Сэрэхтээх буолуҥ!!!

Полезные рекомендации

Как защититься от телефонных мошенников и спамеров.

  1. Установите блокировщик вызовов и сообщений.
  2. Не раскрывайте личную информацию.
  3. Будьте осторожны с незнакомыми номерами.
  4. Остерегайтесь цепочек пропуска звонков.
  5. Будьте осторожны с нежелательными текстовыми сообщениями.
  6. Обновляйте программное обеспечение на своем телефоне.
  7. Будьте осторожны при установке приложений.
  8. Не отключайте системы безопасности.

Следуя этим советам, вы можете уменьшить риск попасть в ловушку мошенников и защитить свои личные данные.

Читайте дальше