Алтынньы 16 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычкову уонна өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын уорганнарын салайааччыларын кытта көрүстэ. Мунньахха бүддьүөт, тарыып уонна сыана бэлиитикэтин, баай-дуол сыһыаннаһыыларын боппуруостарын дьүүллэстилэр.
«Бырабыыталыстыба биир хамаанда курдук үлэлиэхтээх. Уопсай соруктары ситиһиигэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарын олоххо киллэриигэ биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар үлэ күүһүрүөхтээх. Эрэгийиэн бырайыактарын үлэлэтиигэ бырайыактыыр салайыыны көхтөөхтүк туһаныахха», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга үп министиэристибэтигэр ситэриилээх былаас уорганнарын уонна муниципалитеттар үлэлэрин көдьүүһүн үрдэтиигэ, эрэгийиэн уонна олохтоох бүддьүөттэр дохуоттарын хаачыстыбатын тупсарыыга, территориялар экэниэмикэлэрин сайыннарыыга көмөлөһөр миэрэлэри чочуйарга соруйда.
Судаарыстыба бырагыраамаларын «бырайыактыыр» көрүҥҥэ көһөрүүгэ үлэ салҕаныахтаах, «Электроннай бүддьүөт» ГИС-кэ судаарыстыба бырагыраамалара киллэриллиэхтээхтэр. Стратегическай соруктары учуоттаан кэлэр сыллардааҕы бүдьүөт барылыгар үлэ ыытыллыахтаах. Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыларга министиэристибэҕэ хаһаайынныыр субъектар үлэлэрин көдьүүһүн үрдэтии, тэрилтэлэргэ корпоративнай салайыныыны күүһүрдүү, тутулуга суох дириэктэрдэр институттарын киллэрии курдук соруктар турдулар. Сүрүн болҕомто өрөспүүбүлүкэҕэ биир кэлим геоплатформатын тэрийиигэ уонна «Корпоративнай салалта эрэгийиэннээҕи ситимин сыыппараҕа көһөрүү» бырайыакка туһуланыахтаах. Биир кэлим геоплатформа судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас уорганнарыгар картографическай кыаҕынан эрэ буолбакка, нэһилиэнньэ, тэрилтэлэр, инвестордар киирэн көрөллөрүгэр табыгастаах буолуохтаах.
Өрөспүүбүлүкэ Сыана судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр уот эйгэтигэр сыананы уонна тарыыптары сүрүннээһиҥҥэ болҕомтотун уурарыгар этилиннэ, ол иһигэр ойдом энергетикалаах сирдэргэ Арассыыйа орто таһымыгар диэри тарыыптары тэҥнээһини кытта ситимнээх уларыйыылары учуоттаан туран. Бу соруктары толорууга биэдэмистилэр икки ардыларыгар бөлөх тэрилиннэ.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытта туспа анаан-минээн көрсүһүөҕэ. Айсен Николаев маннык көрсүһүүлэр бырабыыталыстыба структураларын үлэлэригэр биир кэлим сыһыаны олохтуурга көмөлөһүөҕэ диэтэ.
Алтынньы 17 күнэ. Айсен Николаев Харбин куоракка тиийэн, Хэйлунцзян бырабыынсыйатыгар Кытай Коммунистическай партия кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ тойон Сюй Цини уонна Хэйлунцзян бырабыынсыйатын губернатора хотун Лян Хуэйлины кытта көрүстэ. Кинилэр икки өрүттээх бииргэ үлэлээһин хайысхаларын, ол иһигэр атыы-эргиэн сыһыаннаһыытын, гуманитарнай сибээстэри кэпсэттилэр.
«Саха сирэ уонна Хэйлунцзян уруккуттан доҕордуу сыһыаннаах. Атыы-эргиэн уонна гуманитарнай эйгэҕэ бииргэ үлэлэһэбит. Көрсүһүү кэмигэр эрэгийиэннэр сайдыыларыгар туһуламмыт бырайыактары көрдүбүт. Бу сибээс дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Кытай бэрэссэдээтэлэ Си Цзиньпин ыытар бэлиитикэлэрин өйүүргэ төһүү күүс буолар. Бииргэ үлэлэһэргэ тустаах усулуобуйаны тэрийиигэ биһиги лиидэрдэбитин өйүүбүт», — диэн Ил Дархан эттэ.
Хэйлунцзян бырабыынсыйата Саха сирин Кытайга сүрүн партнерунан буолар. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата уонна Хэйлунцзян салалтата бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ 19 сыла буолла. Бу дуогабар чэрчитинэн Саха сирин улуустара Хэйлунцзян провинциятын куораттарын, уездарын кытары бииргэ үлэлэһэллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Харбиннааҕы атыы-эргиэн быыстапкатыгар сыллата кыттар.
Алтынньы 18 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа дэлэгээссийэтигэр киирэн, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр Пекин куоракка алтынньы 17-18 күннэригэр «Биир эргимтэ, биир ситим» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы үһүс пуорумҥа кыттыыны ылла. Пуорум Си Цзиньпин көҕүлээһининэн ыытыллар. Тэрээһиҥҥэ 130-ча дойдуттан кэлбиттэр, сүрүн бочуоттаах ыалдьытынан Владимир Путин буолла.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Кытайы кытары хас да эйгэнэн — энергетикаттан саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар, үөрэххэ тиийэ үлэлэһэр. Кытай Саха сирин кытта экспордын кээмэйэ былырыын 3 млрд долларга тэҥнэспит. 19 улуус Хэйлунцзян 19 куоратын уонна уеһын кытта сибээһи тутуһаллар. Быйыл сайын Дьокуускайга Кытайтан 100-тэн тахса бэрэстэбиитэл кыттыылаах норуоттар икки ардыларынааҕы пуорум буолбута.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Саха сирэ Кытайы кытта экэнэмиичэскэй сибээһин туһунан тыл эттэ. Доҕордуу сыһыан кэҥиир, эргиэҥҥэ, култуураҕа, IT-индустрияҕа, киинэ уһулуутугар бииргэ үлэлээһин түмүгэр үгүс үлэ барда. Онон Саха сирэ Илиҥҥи дойдулары кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ далаһанан буолар эрэгийиэн.
«Биир эргимтэ, биир ситим» диэн Кытай көҕүлээһинин биһиги үрдүктүк сыаналыыбыт. Бу – Евразия сүүнэ сирин-уотун ситимниир, бөҕөргөтөр хайысхалаах үлэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ дойдубутугар Хотугу муоратааҕы айан суолун киллэрэн туран, тырааныспарга бөдөҥ бырайыактар олоххо киирэллэр. БАМ тимир суолун утаҕа Саха сиригэр кэлиитэ, Тиихэй акыйааннааҕы тимир суол, Хотугу Муустаах муора илиҥҥи учаастагар дириҥ уу терминалын тутуу. Өлүөнэ уонна Амур өрүстэргэ муоста тутуутун туһунан Араассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этиитэ хотуттан соҕуруу эҥэр бөдөҥ тырааныспар көрүдүөрэ аһыллыытын туоһута. Бу маннык бырайыактар Арассыыйа Арктикатын Кытайы кытта ыкса сибээстиэхтэрэ», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Маны таһынан, Ил Дархан Амур уобалаһын кытта кэккэ бырайыагы олоххо киллэрии былаанын билиһиннэрдэ, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньууларга Кытай хамаандата кыттарыгар эрэнэрин биллэрдэ.
Алтынньы 19 күнэ. 2022 сыл түмүгүнэн, Саха сирэ уонна Кытай тас эргиэнин эргиирэ 3 млрд солк. тахсыбытын өрөспүүбүлүкэ баһылыга иһитиннэрдэ. Бу көрдөрүү 2023 сыл түмүгүнэн өссө улаатар чинчилээх.
Пуорум былаһааккаларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Кытайы кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэһиилэри түһэристэ, ол иһигэр киинэни сайыннарыыга. Shag Bao internationa Film Culture Media Co диэн Кытайга киинэ устар хампаанньа Дьокуускайга киинэ павильонун тутууга көмөлөһүөҕэ.
Ил Дархан Кытай Медиакорпорациятыгар интервью биэрэригэр дойду аҕа баһылыга Владимир Путин пуорум кэмигэр Өлүөнэ муостатын тутуутун туһунан эппитин санатта. Бу тутуу тырааныспар баараҕай көрүдүөрүнэн буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.
«Бэрэсидьиэн бэйэтин этиитигэр Өлүөнэ, Амур өрүстэри туоруур муосталар тутууларын, Хотугу муора суолун сайдыытын туһунан кэпсээбитэ. Амур муостата «Джалинда — Мохэ» бырайыагы кытары ситимнээх. Бу бырайыактар барылара Уһук Илиҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр болҕомтону тардыыга, Кытайы кытары экэнэмиичэскэй сибээһи кэҥэтиини кытары сибээстээхтэр. Онон Кытай биисинэһэ интэриэстээх буоларыгар эрэллээхпит», – диэтэ Айсен Сергеевич.
Алтынньы 20 күнэ. Эһиилги «Азия оҕолоро» оонньууларга кыттарга 50 эрэгийиэнтэн 967 волонтер сайаапка биэрбит. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
«Мин урут кэпсээн ааспытым курдук, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII-с спортивнай оонньууларга 1900 волонтер кыттара күүтүллэр. Бу оонньуулар Саха сиригэр 2016 сылтан ыытыллыбатахтара, онон хаһааҥҥытааҕар да улахан эппиэтинэс уонна үрдүк таһымнаахтык ыытыы эрэйиллэр. Манна бэйэлэрин кылааттарын волонт. Волонтердар успуорт бырааһынньыгар сылдьан уопутуруохтара, үйэ саас тухары оонньуулары өйдүү-саныы сылдьыахтара», — диэн Ил Дархан суруйда.
Санатан эттэххэ, сайаапкалары ылыы ахсынньы 12 күнүгэр диэри буолар.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Төһө да күһүммүт уһаабытын иһин, кыһын бэйэтин киэбигэр киирэн, күөллэр, өрүстэр туран эрэллэр. Онон муус ылыытын, идэһэ кэмэ кэлэн иһэринэн барыгытыгар кыстыгы туоруурга бэлэмнэнэр биир ураты суолталаах кэммитигэр үлэҕит таһаарыылаах буоллун.
Афанасий Ноев