Илья Егорович Винокуров төрөөбүтэ 128 сыла

Бүтүн норуотун, биир дойдулаахтарын туһугар бэриниилээхтик, эҥкилэ суох үлэлээбит бөдөҥ политическай уонна государственнай деятель, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар саха омугун хоргуйууттан быыһаабыт, Саха сирин обкуомун бастакы секретара, киэн туттар биир дойдулаахпыт И.Е. Винокуров төрөөбүтэ бүгүн 128 сыла буолар.

Илья Егорович 1896 сыл тохсунньу 1 күнүгэр, урукку истиилинэн 1895 сыл ахсынньы 20 күнүгэр Куһаҕан Ыал нэһилиэгэр төрөөбүт. Аҕата Егор Николаевич Винокуров дьадаҥы эбит, ол эрээри дьиэ кэргэнин иитэргэ диэн 34 ынахтаах, 1 сылгылаах, бааһыналаах диэн этиллэр. 1898 сыллаахха сэлликтээн өлбүт. Ол кэнниттэн ийэтэ хараҕа суох буолбута, онон түөрт саастаах Илья ийэтинээн уонна тоҕустаах эдьиийинээн ыалынан олоро барарга күһэллибиттэр. Икки сыл аҕатын убайыгар Баһылайга иитиллибиттэр, онтон кини өлбүтүн кэнниттэн атын убайыгар Мэхээлэҕэ көспүттэр. Икки сыл буолан баран кини эмиэ сэллигинэн ыалдьан тыына быстыбыт. Онон И.Е. Винокуров ийэтин бастакы өлбүт кэргэниттэн уолугар Миитэрэйгэ олоро Хамаҕаттаҕа көспүттэр. И. Винокуровы тоҕус саастааҕар нэһилиэк этиитинэн биир кылаастаах көрүүтэ-истиитэ суох сылдьааччыларга аналлаах училищеҕа үөрэнэ киирбит. онно кини пансионакка олорон туйгуннук үөрэммит. Кинини кытта Максим Аммосов бииргэ үөрэммитин билэбит. Оҕо сырыттаҕына ити курдук олус уустук олоҕу олорбуттар. 12 саастааҕар салгыы үөрэниэҕин үп-харчы суоҕуттан үөрэммэтэх.

1916 сыллаахха аймаҕар И.И. Винокуровка наймылаһан Булуҥҥа балыктаһа барсыбыт. Онно түөрт сыл буолан баран, 1920 сыл сайыныгар 24 саастааҕар Илья Егорович дойдутугар Намҥа төннөн кэлбит. Табаарыстарын, доҕотторун сабыдыалларынан оройуон олоҕор-дьаһаҕар кыттыһан киирэн барбыт, тыа оробуочайдарын сойууһун чилиэнэ буолбут. Сир түҥэтии депутатынан талыллыбыт. Пепеляев сэриитин урусхаллааһын кэнниттэн улуустааҕы исполком председателинэн талыллан 1924 с. диэри үлэлээбит.

1924 с. Дьокуускайдааҕы былаас быһаарыытынан Булуҥ уокуругар сэбиэт былааһын тэрийэр НКВД боломуочунайынан анаммыта. Уокурук сэбиэттэрин бастакы съеһигэр Булуҥ уокуругун Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. 1927-1929 сс. — уокуруктааҕы партиятын комитетын секретарынан үлэлээбитэ. Онон Булуҥ сайдыытыгар олук уурсубута. Ити кэнниттэн Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтин инструкторынан, Нам оройуонугар МТС директорынан, Наркомзем сылгы иитиитигэр салалтатын начальнигынан, Өлөөҥҥө Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтин инструкторын быһыытынан, Бүлүү райисполкомун председателинэн, онтон райком секретарынан үлэлээбитэ.

1938-1939 сс. Саха АССР доруобуйа харыстабылын наркомунан үлэлээбитэ. Бу кылгас кэм иһигэр хас да сэллиги утары охсуһар санаторийдары, оройуон кииннэригэр барытыгар сэллик пууннарын, элбэх оройуоҥҥа сэллик утары охсуһар балыыһалары уонна диспансердары аспыта. Трахома диспансерын күүһүрдэн харах балыыһата гыммыта, оройуон кииннэригэр трахоманы утары пууннары тэриттэрбитэ. Онтон 1939-1943 сс. — Саха АССР Совнаркомун председателин солбуйааччы буолар. Бу дуоһунаһыгар культура, үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын уонна наука салааларын сүрүннээбитэ. Мантан салгыы Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сылларыгар саха омугун хоргуйан өлөртөн быыһаабытын бары билэбит. Бу кэмҥэ күүскэ үлэлээн Саха АССР Совнаркомун председателэ буолан норуота туруктаах буолуутугар күүскэ үлэлэһэр. 1946-1952 с. — Саха Сирин обкомун бастакы секретара буолар. Саха литературатын төрүттээбит бастакы классик суруйааччыларбыт үтүө ааттарын тилиннэриини өйөөбүт киһинэн буолар.

Бэлэмнээтэ Семен Аргунов