Интэриэһинэй киирсии буолара күүтүллэр

Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгин «Эйгэ» норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Алгыс Павлов виртуоз-хомусчут Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан «Хомус тэтимэ-2024» эдэр хомусчуттар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарын ааһан, «Муус устар» фестиваль финалыгар кыттаары күн аайы бэлэмнэнэр, хомуһун сиэдэрэйдээн тыаһатар. Алгыс Иванович куонкурус, финал туһунан санаатын үллэстэр.

— «Хомус тэтимэ» куонкуруска Вера Цыпандина ыҥырбыта. Онно тута сөбүлэһэн, видео уһулбуппут. Кини бу устууну кэпсэтэн, сүүрэн-көтөн бэлэмнээбитэ, санаабыт хоту табыллыбыта. Музыкальнай колледжка бииргэ үөрэммит кыыһым Сахаайа Колодезникова хомустуурбар күпсүүргэ оонньоон доҕуһуоллаабыта. Тыйыс тымныы туругун көрдөрөр «Хотугу тыын» диэн композиция тахсыбыта.

 

Финалга бэлэммин. Аныгы тэтимнээх муусукаҕа тута хоһуйуу буолуохтаах. Ханнык муусука кэлэрин кыттааччылар билбэппит. Интэриэһинэй киирсии буолара буолуо диэн сэрэйэбин.

— Алгыс Иванович, кыайыыны-ситиһиини, өссө үрдүк үктэли баҕарабын.

Татьяна Касьянова