Нам сэлиэнньэтигэр “Ипподром” түөлбэ тэриллибитэ 15 сылыгар түөлбэ оҕолоругар “Күөрэй лапта мээчигэ” сүүрүүлээх-көтүүлээх лапта оонньуута буолбут. Үбүлүөйдээх лапта оонньуутун Дьячковскай Евгений Николаевич салайбыта.
Ол курдук, линия тардан кыһыл флажоктары ыйаан, сиргэ бэлиэ флажоктары анньан туруорбуппут. Евгений Николаевич тоҕустуу оҕону икки хамаандаҕа арааран күрэхтэһии олус үчүгэйдик барбыта. Лапта түмүгүнэн, оонньуу тэҥнэһиинэн түмүктэммитэ. Салгыы, былаах былдьаһыытыгар иккис хамаанда кыайыы өрөгөйүн билбитэ. Аны эстафетаҕа 1-кы хамаанда кыайыылааҕынан тахсыбыта. Ону таһынан, күн устата араас көрдөөх оонньуулар оонньоммуттара.
“Ипподром” түөлбэ көхтөөх олохтоохторо эбээлэр, ийэлэр ыалдьааччы быһыытынан сиэннэригэр, оҕолоругар кэлэннэр тэҥҥэ ыһыытаан-хаьыытаан онньууну ордук сытыырхаппыттара, сэргэхсиппиттэрэ.
“Ипподром” түөлбэ салайааччыта Татьяна Иннокентьевна, Александр Васильевич Кириллин, түөлбэ актива хас биирдии тэрээһини сөптөөхтүк былаанныылларыттан буолар тэрээһиннэр барыта үрдүк таһымҥа ыытылларын бэлиэтиибит. Кинилэр көҕүлээһиннэринэн, үлэлэринэн 15 сыл устата үгүс тэрээһини көрөн, кыттан кэллибит.
Ити курдук, үлэ тэтимнээхтик барарыгар “Ипподром” түөлбэ олохтоохторун, оҕолорбут көмөлөрүгэр олус диэн махтанабыт, киэн туттабыт!
“Ипподром” түөлбэ актива