«Кэрэ аҥар» диэн этэри отой утарабын

КЭРЭ диэн барыта кэрэ!
Кыыс дуу, дьахтар аймаҕы дуу,
Кэрэтин аҥардаан этэргит сыыһа:
«Кэрэ кыыс», «Кэрэ дьахтар» диэн этэри ирдиибин.
Айылҕа кэрэ көстүүтэ
Барыта чөл, толору буолуохтаах,
Көрдөһөбүн — «кэрэ аҥар», «күүстээх аҥар» — диэн сомоҕо домоҕун үөскэтимэҥ..!
Сыыһаны олохтоомоҥ..!
Кэрэ кыыс — куруук «Кэрэ Куо» буоллун,
Кэрэ дьахтар — куруук «Кэрэ Далбар Хотун» дэттин!
«Эрэнэр эр киһибит — күүһэ аҥардамматын» —
Сыыһа алҕааҥҥыт уйулҕаларын алдьатымаҥ,
Алҕас саҥараҥҥыт сиэрдээх олохторун үрэйимэҥ!
Аҥардас биир тылтан
Чараас уйулҕа ыһыллар,
Кутун-сүрүн куоттарар..!
Бу күннээх орто дойдуга
Кэрэни толору кэскиллиэххэ,
Үтүөнү үгүөрүтүк үксэтиһиэххэ,
Хас биирдиибит чөл олоҕу олохтоон ааһыахха,
Уруйдууру толорутук уруйдуохха,
Айхаллыыры аҥардаабакка айхаллыахха!

Эбээ Сэргээнэ