Кэрэ буолуу күнэ

Нам улууһун биирдиилээн парикмахердара кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэригэр тиийэн, олохтоохтор баттахтарын кырыйбыттар. Бу туһунан “Мой Бизнес” киин сэбиэдиссэйэ Марфа Тарабукина иһитиннэрэр.

Үтүө акцияҕа идэтийбит баттах кырыйааччылар эрэ буолбакка, саҥардыы саҕалааччы парикмахердар эмиэ кыттыыны ылбыттар. Аҕам саастаахтар үтүө күн тэриллибитин олус сөбүлээбиттэрин биллэрбиттэр. Буолумуна, сотору кинилэр саҥа дьиэлэрин малааһынныыр үөрүүлээх күннэрэ үүнүө.
Барыларын баттахтарын кылгатан, лоп курдук сөрү-сөп көннөрөн кырыйбыттар.

«Бу күн кыттыыны ылбыт урбаанньыттарбытыгар махтанабыт! Куруук ис сүрэххититтэн айаргыт-тутаргыт дьоҥҥо үтүөнэн эрэ тиийдин.

Бэлиэтээн эттэххэ, Намнааҕы Общественник дьиэтигэр бу күһүн парикмахердарбыт акцияҕа кыттыһан аҕам саастаах дьон баттахтарын кырыйан тураллар. Ону тэҥэ, нэһилиэктэргэ маннык хамсааһыннары, биирдиилээн баттах кырыйааччыларбыт эмиэ ыыталлар» — диэн эбэн эттэ Марфа Семеновна.

«Эҥсиэли» хаһыат