Кэрэ эйгэтигэр алгыстаах айан

Биир дойдулаахпыт, Саха музыкатын историятыгар бастакы арфистка Лидия Павловна Новгородова быйыл 85 сааһын туолла. Кини 1939 с. атырдьах ыйын 2 күнүгэр Хамаҕатта нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Арфа… Арфа диэн тылы иһиттэххэ, улахыын да улахан музыкальнай инструмены хараххар көрө түһэҕин. Бу улаханнаахай инструмеҥҥа ыллыҥ да мээнэ оонньообоккун, бэйэтэ эмиэ туспа атын эйгэлээх музыкальнай инструмент буолар. Арфаҕа оонньооһун ураты болҕомтону, сыраны эрэйэр, туох баар дууһаҕын биэриэххин наада. Ол курдук, бүгүн мин Саха республикатын бастакы арфисткатын уонна артыыскатын, Үрдүкү Музыка оскуолатын профессорын, Саха республикатын үтүөлээх артыыскатын Новгородова Лидия Павловна туһунан сэһэргиэхпин баҕардым…

Уоттаах сэрии сылларыгар оҕо саастара ааспыт үгүс көлүөнэ дьон ыарахан олох араас очурдарыгар уһаарыллан, бэриммэккэ, күүстээх санаалаах, сыаллаах-соруктаах иитиллэн тахсан, үрдүк очуоһу дабайар кэриэтэ, айылҕаттан бэриллибит талааннарын таба көрөн, уһугуннаран, сайыннаран олох улахан аартыгар тахсыылара – бу бэйэтэ киһи ис эйгэтэ олус кэрэтин, сырдыгын, кэскиллээҕин туоһулуур.

Лидия Павловна музыка киһини сайыннарар, олоҕу киэргэтэр эрэ буолбатах, кини эмтиир, киһи дууһатын араҥаччылыыр диэн этэр. Кэрэ эйгэтин интэриэһиргиир, музыканы сөбүлээн истэр, олох ыарахаттарын уйар киһи күүстээх санаалаах буолар. Итини тэҥэ кини детдомҥа иитиллэн-уһаарыллан тахсыбыт буолан булгуруйбат кытаанах санаата, олоххо тардыһыыта, бастакы олуктара ол детдомнааҕы сылларын мэктиэтэ буолуо дии саныыбын. Ол сыллааҕы доҕотторун олус истиҥник, сылаастык ахтар-саныыр, сибээһин быспат, айар-тутар.

Оҕо саас… Оҕо саас кэрэ кэмнэрэ ханнык баҕарар киһиэхэ сүрэҕэр-быарыгар сиэдэрэй сибэкки кэриэтэ сөҥөн сылдьар. Оҕоҕо саамай истиҥ иэйии – ийэ уонна аҕа таптала буолар. Биһиги төһө да ийэ, аҕа тапталын билбэтэрбит, детдом иитээччилэрэ интэриэспитин уһугуннаран, сайыннаран, бэйэбитин иитинэн, сыал-сорук туруорунан улахан суолга тахсарбытыгар улахан оруоллаахтара.

Нам оройуонугар Хамаҕатта нэһилиэгэр 1943 с. детдом аһыллыбыта, бу детдомҥа республика оройуоннарын нэһилиэктэриттэн сэрии тулаайахтара детдомҥа киирэн «үрүҥ тыыннара» быыһаммыттара, онон тулаайахтар сэбиэскэй былааска, коммунистическай партияҕа махталлара улахан, олохторун устата күндүтүк, кэрэтик саныыллар. Лидиялыын биһиги Хамаҕатта детдомугар 1947-1948 сс. олорбуппут. Лида аҕата Аҕа дойду сэриитигэр фроҥҥа өлбүтэ, ийэтэ түөрт оҕону кытта хаалан, кыыһын Лиданы уонна уолаттарын Володяны, Васяны детдомҥа киллэрбитэ. Оччолорго детдом директорынан Парников Роман Семенович үлэлээбитэ. Кини үлэлиэҕиттэн детдом оҕолорун олохторо тупсубута, республикаҕа биир бастыҥ үлэлээх детдом буолбута. Директорбыт Роман Семенович киэҥ билиилээх, инники олоҕу өтө көрөр, мындыр салайааччы эбит диэн саныыбын. Дьокуускайдааҕы музыкальнай художественнай училище үөрэнээччилэрэ, педагогтара сайынын детдому кытта шефтэһэр этилэрэ, детдом оҕолорун кытта бииргэ сылдьан сайылыыллара. Бу училищены кытта шефтэһэн бэрт элбэх оҕо культура, искусство кэрэ эйгэтигэр сыстан үөрэммиттэрэ, кэлин таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Ол курдук, бу ыстатыйа геройа Лидия Павловна Новгородова – Саха республикатын үтүөлээх артыыһа, Сивцева Юлия Титовна – ССРС культуратын туйгуна, Алексеева Валентина Яковлевна – Табаҕа музыкальнай оскуолатын директора, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Степанова Е.А., Россия уонна Саха республикатын үтүөлээх үлэһитэ, Попова А.А., Федорова Н.И. искусство оскуолатын преподавателлэрэ (фортепиано), Саввина Л.Г., Дьокуускайдааҕы педучилище музыкаҕа преподавателэ, художниктар Шапошников М.М., художественнай училище преподавателэ, Шарапов Н.Н., эмиэ онно декоративнай-прикладной салааҕа керамист идэлээх, В. Парников, Колесов Е.С., Симферополь куоракка архитектурнай институт преподавателэ, Мальцева А.П., радиокомитет артыыската уо.д.а. Үгустэрэ билигин бочуоттааах сынньалаҥҥа олороллор.

1947 сыллаахха Хамаҕатта детдомугар Дьокуускайдааҕы музыкальнай-художественнай училище үөрэнээччилэрэ, педагогтар сайылыы кэлэллэр. Кинилэр бэйэлэрин кытта пианино аҕалбыт этилэр. Лида онно аан бастаан пианиноны көрбүтэ. Сөмүйэтинэн бэркэ сэрэнэн клавишаны баттыалаан дьикти тыаһы таһаарбыта. Ити күнтэн ыла кыыс инструмент аттыттан арахпат буолбута, ону учуутала бэлиэтии көрбүтэ, бэйэтэ араас композитордар айымньыларын оонньоон иһитиннэрбитэ, аатырбыт композитордар тустарынан кэпсээбитэ. Онтон күһүнүгэр Лиданы куоракка илдьэ барбыта, интернат оскуолаҕа олордон үөрэппитэ. Нөҥүө сылыгар музыкаҕа дьоҕурдаах оҕолору кытта Лида Ленинградка үөрэнэ барбыта. Интернакка элбэх омук оҕолоро олорон үөрэммиттэрэ. Оҕо уонна эдэр саастара манна музыка алыптаах тыаһынан уйдаран ааспыттара. Оҕолор уопсай үөрэх оскуолатыгар дьарыктаналларын таhынан, музыка предметтэрин иҥэн-тоҥон үөрэтэллэрэ. Лида үөрэнэ сырыттаҕына скрипкаттан арфаҕа көһөрбүттэрэ. Дьэ, ити курдук, Лида арфа алыптаах дорҕоонугар уйдаран, ылларан Саха АССР үтүөлээх артыыһыгар тиийэ үүммүтэ.

1957 с. Москваҕа Саха АССР литературатын уонна искусствотын биэчэрдэрэ буолан ааспыттара. Бу улахан түһүлгэҕэ Ленинградка үөрэнэр эдэр музыканнар аан бастаан кыттыбыттара. Ол курдук, «туйгун» бэлэмнээх оскуола үөрэнээччитэ, арфистка Л. Новгородова (педагог Шипулина) уонна Саха сирин студеннара М. Слепцов, М. Иванова кыттыыны ылбыттара. Итиннэ кыттыбыт саха оҕолорун тустарынан «Советская культура», «Вечерняя Москва», «Социалистическая Якутия», «Кыым», «Эдэр коммунист», «Бэлэм буол» хаһыаттар уонна сурунааллар суруйбуттара. Ленинградка Саха сириттэн үөрэнэр оҕолор бастакы улахан ситиһиилэрэ этэ!

1965 с. үөрэҕин бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар Дьокуускайга эргиллэн кэлэн музыкальнай драматическай театрга айар үлэтин саҕалаабыта. Бу сыл Монголияҕа Улан-Баторга Опера уонна балет театрыгар кийиит буолан үлэлии барбыта. Монгол норуотун культуратын кытта ыкса билсиспитэ. 1979 с. төннөн кэлэн, республиканскай музыкальнай оскуолаҕа идэтинэн үлэлээбитэ. Лидия Павловна Советскай союз араас муннуктарыгар элбэх киэҥ сири тэлэһийэ гастроллаабыта. Онтон 1994 с. В.А. Босиков Музыка Үрдүкү оскуолатыгар үлэҕэ ыҥырбыта. Онно Лидия Павловна бастакы арфа кылааһын арыйан, элбэх оҕону уһуйбута. Биир уһулуччу үөрэнээччитэ Лина Варламова 1996 с. Москваҕа Россия эдэр ыччатын арфаҕа конкурсугар дипломунан, «Надежда» аатынан наҕараадаланар. 1997 с. Лина Варламова норуоттар икки ардыларынааҕы арфистар күрэхтэригэр дипломант үрдүк аатын ылан Саха республикатын «Барҕарыы» фондатын стипендиата буолар.

Ити курдук, детдом иитиллээччитэ күүстээх санаалаах, туохтан да, кимтэн да толлубат, ылсыбытын тиһэҕэр тиэрдэр киһи, айылҕаттан айдарыылаах талааннаах буолан, бу кэрэ эйгэҕэ ыллардаҕа. Арфа курдук уонунан ааҕыллар суон уонна синньигэс кыллардаах дьиктилээхэй инструмеҥҥа дорҕоону кутан таһаарыы киһиэхэ барытыгар бэриллибэт. Ол да иһин мин арфаҕа оонньооччулары саха уустара оһуордаан-бичиктээн таһаарар айымньыларыгар тэҥниибин.

2013 с. Хамаҕатта детдома 70 сааһын туолбута, детдоммут барахсан билигин да музыка, уруһуй кэрэ эйгэтигэр үлэлии турарыттан олус үөрбуппүт, долгуйбуппут. Алексеева В.Я. детдомнар ааттарыттан музыкальнай оскуолабытыгар рояль бэлэхтээбитэ.

Билигин Лидия Павловна айар үлэтин үөрэппит оҕолоро салгыыллар. Ол курдук, Лина Варламова – Марокко Королевскай симфоническай оркестрын солистката; Алина Леонтьева – Улан Удэ Опера уонна балет театрын симфоническай оркестрын солистката; Наталья Ильина – Саргыдаева – Дьокуускайдааҕы симфоническай филармония оркестрын солистката; Мария Дедюкина – Суорун Омоллоон аатынан Саха государственнай театрын симфоническай оркестрын солистката уо.д.а. Лидия Павловна үөрэнээччилэрин махталларын ылыан ылар.

Лидия Павловна төрөөбүт Намын улууһун киин бөһүөлэгиттэн учуутал идэлээх Римма Алексеевна уонна Борис Юрьевич Соловьевтар кыыстарын Кристинаны Үрдүкү Музыка оскуолатыгар арфа кылааһыгар 2010 с. үөрэттэрэ биэрбиттэрэ. 2014 с. төрдүс кылааһы кыыс ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Кристина сахалартан бастакы арфистка, арфа үрдүкү музыкатын королеватыгар Лидия Павловнаҕа үөрэнэринэн киэн туттар. Сыл түмүгүнэн буолар «Музыка души» арфа кылааһын концертарыгар кыттан биһирэбили ылар. Сайыҥҥы сынньалаҥар Үрдүкү музыка оскуолатын профессора, Саха республикатын народнай артыыскатын Л.П. Новгородова «Музыка для всех» бырайыагынан аһыллыбыт лааҕырга дьарыктаммыта, сынньаммыта. Каникулугар Кристина учуутала Лидия Павловна дьикти-кэрэ, лыҥкынас уонна алыптаах ырыалаах, үйэлэри уҥуордаан кэлбит, баай үһүйээннэрдээх арфа инструмены баһылыырга үөрэммит Ленинград (Санкт-Петербург) куоратыгар уонна Римскэй-Корсаков аатынан консерваториятыгар сылдьан сөхпүтэ-махтайбыта.

 

Бу күннэргэ Лидия Павловна үбүлүөйэ. Саха сирин бастакы арфисткатын Хамаҕатта детдомугар бииргэ олорбут, оҕо сааспыт дьүөгэтин Лидия Павловнаны өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна баҕарабыт чэгиэн-чэбдик доруобуйаны. Маннык курдук ыраас дууһалаах дьон баар буолан кэрэ эйгэҕэ талаһар киһи элбээн иһэриттэн киһи үөрэр эрэ.

Ф.Д. УШНИЦКАЯ, Салбаҥ нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Россия, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, «Эҥсиэли», 2014 с., атырдьах ыйын 9 күнэ

Читайте дальше