Бу орто дойду олоҕор баар кэрэ, үтүө, үчүгэй барыта кэрэхсиири, сэргиири эрэйэр…
Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгин норуотун маастара, быйыл тохсунньуга ыытыллыбыт сахалыы иискэ “Көмүс сүүтүк” гран-при хаһаайына Яна Орлова кэрэни өрө тутан, бэйэтин эрэ үөлээннээхтэригэр буолбакка, өрөспүүбүлүкэбит бары улуустарын Далбар Хотуттарыгар тикпит кэрэ көстүүлээх, былыргылыы моһуоннаах соннорун бу буолан ааспыт Саха өрөспүүбүлүкэтин норуот маастарын күнүгэр сэлэлии хаамыыга көрбүт буолуохтааххыт.
Айылҕаттан илиитигэр дьоҕурдаах Яна Петровна аҥардас үлэһит, айар-тутар эрэ буолбакка, кини өссө элбэх оҕо ийэтэ, эйэҕэс эбээтэ. Оҕо эрдэҕиттэн уруһуйдуур, иистэнэр буолан сахалыы иискэ сыстан, нэһилиэгэр, республикабыт 23 улууһугар уопсайа 250 бууктаах соннору, фольклорнай ансаамбыллар комплект таҥастарын, алгысчыттарга, оһуохайдьыттарга биирдиилээн дьоҥҥо илиитин сылааһынан тикпит үлэтэ элбэх.
Элиэнэ Кэрэ