«П.П. Ядрихинскай — Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтэ» духуобунай сайдыы уонна уус-уран айымньы киинигэр Олоҥхо декадатынан, Россияҕа бэлиэтэммит Ийэ күнүнэн, Олоҥхо дьиэтэ тэриллибитэ 10 сылынан, Вера Васильевна Колпашникова Орто дойду олоҕун уһанса кэлбит кэрэ кэминэн «Бар дьоммор махтанабын» диэн айар оҥоһуктарын быыстапкатын тэрийбитэ.
«Бар дьоммор махтанабын» быыстапкаҕа Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ, байыаннай дьайыы буойуттарын ийэлэрэ Вера Колпашникова кылтан, туойтан, саха таҥаһыгар үлэлэрэ дьон көрүүтүгэр турбуттара. Өбүгэ уһанар-иистэнэр үтүө үгэстэрин сайыннарыыга өр сыллаах айымньылаах, таһаарыылаах үлэтэ сыаналанан «СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара» үрдүк ааты сүкпүтүн бэлиэтиир тоҕоостоох.
Вера Васильевна култуура эйгэтигэр өр сылларга сыратын, санаатын ууран туран үлэлии-хамныы сылдьар СР култууратын туйгуна, Орто Халыма, Нам улууһа, Ленскэй нэһилиэк сайдыытыгар кылаатын иһин уонна «Нам улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэр хаһаайына, айар-тутар куттаах, сахалыы ииһи сөргүтээччи, үйэтитээччи, саха таҥаһын киэҥ араҥаҕа тарҕатааччы буолар. Ханнык баҕарар норуот таҥнар таҥаһынан, кини олорор эйгэтин култууратынан уонна итэҕэлинэн биллэр. Саха дьахтара таҥнар таҥаһын имигэс илиитинэн, нарын тарбахтарынан тиһэн, тигэн оҥорон таһаарара. Ол курдук, Вера Васильевна бэйэтэ сиэдэрэйдик тикпит саха талба таҥаһын таҥнан-симэнэн бар дьоҥҥо үтүө холобур буолар.
«Бу Олоҥхобут дьиэтигэр баар сахалыы таҥас-сап барыта Вера Васильевна мындыр толкуйуттан тиһиллэн, сахалыы төрүт таҥас үйэтитиллэ, киэҥ эйгэҕэ тарҕана сылдьар. Инникитин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалан иһэрэ саарбаҕа суох», — диэн биир идэлээхтэрэ бэлиэттииллэр.
Быыстапкаҕа Вера Васильевна саха оҥоһугун маанытын-намчытын нарылаан уһанан, туос иһит туналҕан көстүүтүн тигэн таһаарбыт оһуор дьарҕаа ойуулаах саха бастыҥ иһиттэрэ, өбүгэлэрбит уустук мындыр ньымаларын баһылаан Саха омук култууртын быстыспат сорҕото буолбут кылтан уонна сиэлтэн оҥоһуктара уо.д.а кэрэ көстүүлээх ураты тыыннаах, истиҥ иэйиилээх, туспа эйгэлээх оҥоһуктара кэрэни кэрэхсэтэллэр.
Вера Васильевна Нам улууһун маастардарын кытта ыкса ситимнээхтик, утумнаахтык үлэлиир. Ол курдук Елена Бурцева Вера Васильевнаҕа бигэтик итэҕэйэн,эрэнэн кинини бэлиэтии көрөн, норуот маастардарын кытта үлэлэс диэн этии эппитин ылынан 3 сыл кэриҥэ салайан кэлбитэ. Олонхо дьиэтин иһинэн элбэх араас хайысхалаах түмсүүлэр үлэлии-хамныы сылдьаллар. Араас тэрээһиннэри ыыталлар, кыттыыны ылаллар, мааста- кылаастары уонна араас таһымнаах быыстапкаларга кыттан ситиһиилэрэ үгүс.
Семен Аргунов