«Кэскил» тургутуутуттан — «Азия оҕолоро» оонньууга

VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга кыттыбыт оҕолору билиһиннэриибитин салгыыбыт.
Хамаҕатта нэһилиэгиттэн төрүттээх Нонна Охлопкова 2016 с. VI-с оонньууларга кыттыбыта.
Ол туһунан кини маннык ахтар:

—Мин Нам улууһун Николай Семенович Охлопков аатынан гимназияҕа 6-с кылааска үөрэнэ сылдьан, «Кэскил» хаһыат тэрийбит «Азия оҕолоро» оонньуу туһунан викторинаҕа кыттан, II-с миэстэ буолан, оонньуу уотун эстафетатыгар кыттар чиэскэ тиксибитим. Кыра эбит диэн ийэбин кытта сүүрэрбин көҥүллээбиттэрэ. Биһигини кытта журналистар сүүрбүттэрэ, көмөлөспүттэрэ (факел балайда ыйааһыннаах ). Куорат саамай хабыллар хаба ортотунан Ленин аат. уулуссанан сүүрбүппүт. Долгутуулаах да түгэн этэ…
Билигин устудьуоммун, бу VIII-с оонньууга тим-лидеринэн тэрээһиҥнэ үлэлэһэ сылдьабын.
Маннык оонньуулар спорка көҕүлүүллэр, араас омук оҕолорун кытта доҕордуу, эйэлээх буоларбытыгар көмөлөһөр.

Маргарита Охлопкова

Читайте дальше