Киһи-аймахха тутааччы идэтэ куруук наада

Россияҕа атыдьах ыйын 11 күнүгэр тутааччылар күннэрэ бэлиэтэнэр. Тутааччылар айбыттара, туппуттара, оҥорон таһаарбыттара киһи олоҕор историяҕа өйдөбүнньүк буолан уһун үйэлэргэ сүппэттии хаалар. Тутааччы идэтэ куруук үрдүкү, инники миэстэҕэ сылдьарынан сыаналанар.

Саха сиригэр тутуу төһө сайдыбытый? Билиҥҥитэ саҥа арыйыы, сүүрээн улаханнык өтөн киирэ илик эбит. Тутуу эйгэтэ киһини тугунан умсугутан, интэриэһэргэтэн ыларый? Бу туһунан Хамаҕатта тутааччыта “Хардыы” ХЭТ салайааччыта Степан Винокуров кэпсиэҕэ. Хамаҕатта ыччата тутуу салаатыгар олохтоохтук ылсан баһылаан эрэрин бэлиэтиибит.

“Дьиэ тутуутугар сүрүн билиини ылынарга кырата сыл үлэлиэххэ наада буолуо дии саныыбын. Онтон хайдах ылынарын салгыы бэйэҕиттэн тутулуктаах. Тус бэйэбин тутууну оннук баһылаабыт киһинэн санаммаппын. Уопсайынан, тутааччы үлэтигэр дьиэ туттарбыт хаһаайыттар сыана быһаллар”, – диир Степан Винокуров.

Тутуу ымпыгын-чымпыгын билиигэ, толору баһылыырга, арааһа үйэ да тиийбэтэ буолуо диэн бүгүҥҥү кэпсэтээччибит Степан Винокуров санаата холбоһор. Тутуу ньымата, матырыйааллара күнтэн күн уларыйа-тэлэрийэ, эбиллэ тураллар.

Аҕабыттан, убайбыттан элбэх холобур ылабын

Степан Винокуров тутуу эйгэтигэр уонна маһынан туттарга оҕо эрдэҕиттэн сыстыбыт. Ол курдук, 1990-с сылларга убайа Винокуров Виктор Апполлонович Хамаҕаттаҕа пилораманы үлэлэппит. Оччолорго аҕата Винокуров Игнат Васильевич пилорамаҕа маастарынан үлэлээн, мас астаран, дьоҥҥо дьиэ тутан үгүс үтүөнү оҥорбуттарын Степан саныыр.

“Аҕабыт маһы кытта үлэлииринэн, бииргэ төрөөбүт убайбынаан Василийдыын оҕо сааспыт сүрүннээн тутуу эйгэтигэр ааспыта. Куруук дьиэ көндөйүн эбэтэр эрбэнэ турар мас таһыгар көмөлөһө сатаан кыбыллан биэрэрбит”, – диир тутааччы.

Аҕалара Игнат Винокуров уолаттарын кэмиттэн-кэмигэр мас уурдаран, устуруустатан, сыып оҥотторон кытаанах үлэҕэ кыралаан сыһыаран саҕалаабыт. Оччолорго кыра уолаттарга илии инструменнарын туттаралларын ини-биилэр этэллэр. Холобура, сыыһа-халты туттан чурумчукутун тоһутуохтара диэннэр сыандараларын (дрель) олох тыыттарбаттар эбит. Оччотугар үлэ тохтууругар тиийиллэр. Дэҥ кэриэтэ уолаттар сыандаранан үүттээтэхтэринэ, ол күн үөрүү-көтүү, “дьол бырааһынньыга” буолара эбитэ үһү. Бүгүҥҥү күҥҥэ тэҥнээтэххэ, урукку кэм тутааччылара, убайдарбыт, аҕаларбыт киһи сөҕөр ыарахан үлэтигэр сылдьыбыттарын этэллэр.

Степан Винокуров тутууга бэйэтин суолун үөрэх, армия кэнниттэн 2012 сыллаахтан саҕалаабыт. Биллэн турар, киниэхэ бииргэ төрөөбүт убайа Василий бэйэтин туруу үлэтинэн холобур буолбут.

Үгүс ыччаты тутууга сыһыарбыт, тутуу кистэлэҥнэрин арыйбыт киһинэн бүгүҥҥү Хамаҕатта эдэр маастардара Олег Дмитриевы билинэллэр. “Үлэбит Дмитриевтары кытта ситимнэнэр” диэн үгүс Хамаҕатта маастардара бигэргэтэллэр. Бу этиини Степан Игнатьевич туоһулуур. Ити курдук, хамаҕатталар маһы хаамтарбаттар эрэ диэн этиигэ тохтуубут.

“Оччолорго Хамаҕатта спорт саалатыгар дириэктэрдии олордохпуна, сайыҥҥы сынньалаҥмар тутууга холонорго санаммытым. Тутууну оннук ис-испиттэн сөбүлээн, ылларан “миэнэ эбит” диэн спорт саалабар оннук төннүбэтэҕим”.

Николай Дмитриев тутуутун биригээдэтигэр киирээппин кытта, дьиэ акылаатын маһын хатырыктатан сүрэхтээбиттэрин үтүөтүк саныыбын, ахтабын уонна күлэбин. Өссө бииртэн күллэххэ, биир да күн тохтобула суох үс дьиэни субуруччу оҥорбуппут. Итинник тиэмпэнэн, ол сайын барыта уон дьиэни таһаарбыппыт. Кэлин санаатахха, “абытай” эбит! Онно холоотоххо, билигин нэдиэлэ кэриҥэ сынньалаҥҥа аныыбыт”, – диэн кэпсиир Степан.

Николай Дмитриевка 2 сыл үлэлээн, аны убайа, быраата уонна доҕоро буоланнар аймах киһилэригэр, “Стройуниверсал” ХЭТ салайааччытыгар Мичил Николаевка күүстэрин холбообуттар. Аҕыйах бириэмэнэн уолаттар утуу-субуу бары биригэдьиирдэр буоланнар Саха сирин киин улуустарыгар, илин эҥэргэ үгүстүк айбыттар, туппуттар. Ол кэмҥэ дьон бэйэ-бэйэтиттэн истиһэн, Степан Винокуровка утары бэйэтигэр тахсара, эрийэрэ саҕаламмыт. Онтон дьэ, “билии, сатабыл баар” диэн этиинэн сиэттэрэн 2023 сылтан бэйэтэ туһунан баран үлэлииргэ туруммут.

Санаттахха, Степан 2014 сыллаахха олохтоох дьаһалтаттан социальнай контракт нөҥүө 100 тыһ. солк. көмө харчы ылан мастерскойугар мебеллэри сакааска оҥорон эбии хамнастана сылдьыбыттаах.

Бүгүҥҥү күҥҥэ, туһунан тэрилтэ тэринэн дьиэлэри тутааччы Степан “Золотые руки” диэн убайын Василийы уонна бастакы биригэдьиирин Николай Дмитриевы ааттыыр.

Төһөнөн хаачыстыбаҕа охтоҕун да, хамнаспын мээнэ бостуой ыла сылдьыбат эбиппин диэн сананаҕын

“Хос эһэм хос аатынан “Хардыы” диэн тэрилтэ тэринэн бетон фундаменнаах дьиэлэри толору тутан таһаарабыт. Инникитин “Хардыы” ХЭТ тэрилтэ хайысхатын кэҥэтэр былааннаах. Бүгүн ипотека, госпрограмма нөҥүө үлэлэһэр Намҥа, Дьокуускай куоракка офистардаахпыт. Үлэ кэминэн, этэҥҥэ айанныыр.

Тутууга саамай уустуга, дьону булуу, сыһыарыы, үөрэтии. Үлэбит төһө да хамнастааҕын иһин, ыарахан. Дьиэ тутуута кыһыннары, сайыннары тохтообокко үргүлдьү барар. Арай, тутааччылары тохсунньу ый эрэ тохтотор. Дьыл кэмигэр, үлэ үөһүгэр биирдиилээн иһирдьэ киирэн ырыттахха этии элбэх. Итинник, сыл устата дьиэҕиттэн ыраата айаннаан төгүрүччү тутууга бириэмэлэрин аныыр баҕалаах дьон ахсааннаах.

“Хардыы” тэрилтэ тугу кыайарынан, үлэни чэпчэтии туһунан толкуйдары, тус көрүүлэри олоххо киллэрэр былааннаах. Өскөтүн, санаа хоту туоллаҕына уонна буоллаҕына хаачыстыба өссө ордук үрдүө этэ диэн бүк эрэллээхпит.

Саамай улахан, астыммыт тутуум – 14/12 иэннээх дьиэ! Баараҕай икки этээстээх  коттедж дьиэ таһаарбыппыт. Тус бэйэм, тутааччылар үгүстэрэ да буолуо, төһөнөн уустукка ылсаллар, хайдах курдук кырасыабай дьиэлэри таһаараллар да, инникитин оннук бырайыактарга ылсалларын ордороллоро буолуо. Оччотугар киһи илиитэ, оҥоруута сайдар”.

Дьиэ тутууга хас биирдии үлэһит туһунан соруктаах

Үлэ үллэстиитигэр, холобура, биригээдэҕэ түөрт киһи баар. Устуруустааччы биригэдьиири кытта мас тасыһар. Сыандаралааччы үөһэ мас тардан таһаарар, ытаһалыыр. Биир үлэһит шкант саайар, мас көтөҕөр, ытаһалыыр. Оттон биригэдьиир мас эрбэтэр, таһар, үлэни тэрийэр уонна эппиэтинэс сүгэр. Ол эрээри, биригээдэ-биригээдэ чопчу манныгы тутуһан үлэлээбэтин санатабыт. Хас биирдии биригээдэ туһунан көрүүлээх буолар.

Дьиэ тутан таһаарыы. Тутууга сыстыбыттары, үлэ маҥнайгы күннүттэн тиһэҕэр диэри, ол аата, акылаат түһэриититтэн ытаһа саайыытыгар тиийэ, хас үлэ хаамыыта барыта умсугутар дьикти абылаҥнаах эбит.

“Саныырга үчүгэй. Холобура, ыраас нэлэмэн хонууга, ырааһыйаҕа бүтүн дьиэ тутан таһааран баран, куруук санааччыбын, манна кэлэн ыал олохсуйуо, оҕо-уруу элбиэ, оҕо атаҕын тыаһа тобугуруо диэн. Ону тэҥэ, олохторун бу сиргэ, бу дьиэҕэ анаан барытын олоруохтара, онтон оҕолоругар хаалларыахтара, сиэннэригэр тиксиэ диэн санаалар киирэллэр. Дьиэ тутан саҕалыырбытыгар, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр дьиэни тутан саҕалыыбыт диэн этиилээх, өйдөөх-санаалаах кэлээччибит!

Умнуллубат астык көстүү, биллэн турар, хаһаайыттарга күлүүс туттарыы! Хаһаайыттар үөрүүлэрин көрөр, дьон олоҕор суолталааҕы оҥорбуккуттан бэйэҥ үөрэҕин”, – диир “Хардыы” ХЭТ салайааччыта.

ХАРЫСХАН

Читайте дальше