Егор Ларионов: олоххо, үлэҕэ, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу холобура

Н.М. Рыкунов аатынан улуустааҕы библиотекаҕа “Олоххо, үлэҕэ, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу холобура” диэн истиҥ тэрээһин буолла. Бүтүн Россиятааҕы “Движение первых” оҕо, ыччат хамсааһынын  Намнааҕы салаатын председателэ Анна Ядрихинская тэрээһини бөдөҥ политическай салайааччы, Саха АССР XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин депутата, I уонна  II ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата, Ил Түмэн Бэрэстэбиитэллээх Палаататын бастакы Бэрэссэдээтэлэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Егор Ларионов бэриниилээх буолуу холобуругар көрдөрдө уонна анаата.

Тэрээһиҥҥэ кыттыспыт оҕолорго уонна олохтоохторго Анна Ильинична маҥнай Нам улууһун чулуулара Чаҕылхай Махсыым өрөспүүбүлүкэни төрүттэспитин, Илья Винокуров сахалары хоргуйууттан быыһаабытын уонна 1992 сыллаахха Егор Ларионов Конституция күүһүгэр киирэригэр улахан оруоллааҕын чопчулаата. Оҕолорго туһаайан намнар сүдү ааттаах-суоллаах, уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна политическай салайааччыларбытынан киэн туттуохтаахпытын бигэргэттэ. Көрсүһүүгэ суруналыыс Владислав Касьянов тыл этэригэр маҥнай нуучча норуотун кытта биир тыл булан эйэ дэмнээх сыһыан олохтообут Мыымах кинээс туһунан умнубаттарын санатта. Нам улууһун 11 эдэр гражданина бүгүн паспорт ылла.

“Егор Ларионов аатынан хамаҕатталар, намнар киэн туттабыт! Намнарга үс чулуу киһи баар: Максим Аммосов, Илья Винокуров, Егор Ларионов.  Киһи тыыннааҕар  үлэтэ сыаналаныахтаах, тэрээһин тэриллиэхтээх. Бу киһиэхэ саамай күндү бэлэх дии саныыбын. Оҕолор тумус туттар дьоммут ааттарын-суолларын билиэхтээхтэр-көрүөхтээхтэр”, – диир Хамаҕатта баһылыга Евгений Ушницкай.

Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги аттыбытыгар баар Егор Ларионов оҕо сааһа хайдах ааспытыттан саҕалаан, алаас уола Россия таһымыгар тиийэ үүнэ үрдээбитин туһунан кэпсэннэ. Биллэн турар, бэриниилээх киһи үлэтигэр ситиһиилэнэригэр тыыла үчүгэй буолуон наада. Ол курдук, Егор Михайлович олоҕун аргыһа Степанида Степановналыын доҕордоһуулара оҕо саастарыттан саҕаламмыта этиллэр. Хайа да кэмҥэ итэҕэйэр, эрэнэр киһиҥ куруук аттыгар арыаллаан бары өттүнэн күүс, өйөбүл буоллаҕына, санааҕар санаа, күүскэр күүс эбиллэр буоллаҕа, санаан бөҕөргүүр. Егор Ларионов кэргэнинээн үтүө күннэри, олоххо баар уустуктары бииргэ ааспыттара бүгүн өссө биирдэ чопчуланар. Кинилэр тапталлара, харыстабыллаах сыһыаннара – норуот туһатыгар үлэлээһиҥҥэ, дойдуга бэриниилээх буолууга кубулуйдаҕа.

“Саха өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаммыт тэрээһиҥҥэ улуустааҕы гимназия 5-с кылааһын үөрэнээччилэригэр махтанабын. Улууспут, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар тус кылааттарын киллэрсибит дьонтон биирдэстэрэ Егор Михайлович холобуругар олоҕурабыт – үлэни, олоҕу өрө тутуохтаахпыт, төрөөбүт дойдуга таптал баар буолуохтаах.

Маннык тэрээһиннэри элбэхтэ оҥоруохха наада. Егор Ларионов 1990-с сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр Сахабыт сирин Конституцията оллоххо киирэригэр күүһүн уурбут, Россия Конститутицията ылыныытыгар эксперт быһыытынан үлэлээбит киһинэн биллэр.

Чулуу дьоммут туһунан оскуола үөрэнээччилэригэр күн ахсын санатан этэ сылдьыахха наада дии саныыбын. Көрөөччүбүн ээ, төрөппүттэр оҕолоругар Максим Аммосов, Илья Винокуров пааматынньыктарын көрдөрөн кэпсииллэрин. Холобура, улуустааҕы олохтоох дьаһалтабыт дьиэтин Максим Аммосов уонна Илья Винокуров баннердара киэн тутта сабардаан туралларын киһи көрөн астынар. Биир өттүнэн, бастыҥ дьоммутун билии мантан да саҕаланар буоллаҕа, судургутук эттэххэ”, – диир Анна Ядрихинская.

Харысхан Попов

Читайте дальше