Нам сэлиэнньэтин үгүс уулуссатыгар сайын устата өрөмүөннэр ыытылыннылар. Сир тоҥуон иннинэ Нам суолларыгар өссө биирдэ грейдэр ыытыллыахтааҕын МАУ АРТ салйааччыта Виктор Яковлев иһитиннэрэр.
Быйыл Ника Мыымах аатынан уулуссаҕа асфальт суол ууруллуоҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ, суолга үлтүркэй таастар кутуллан бэлэмнэннилэр. Былаан быһыытынан, алтынньы ыйга уулусса толору асфальтанара этиллэр.
Нам уулуссаларыгар сыл аайы көннөрүү үлэлэрэ ыытыллаллар. Ол курдук, дьаамалаах суоллар оҥоһуллан, чөлүгэр түһэрилиннилэр.
“Быйыл Чернышевскай, Илья Винокуров, Платон Ойуунускай, Ржевскай ааттарынан уулуссаларга күүһү уурдубут. Өрөспүүбүлүкэ суолталаах Салбаҥныыр уулусса көннөрүллүүтүгэр үгүс үп-харчы эрэйиллэр.
Салгыы, Василий Колесов, Баазабай, Жирков, Сэргэлээх, Молодежнай, Новай онтон да атын уулуссаларга буор кутулунна”, – диир Виктор Евстафьевич.
Бэлиэтээн эттэххэ, сэлиэнньэҕэ Василий Колесов аатынан уулусса кыһалҕалаах, үгүс үлэни эрэйэр суолунан биллэр. Бу уулуссаҕа байыаннай дьайыыга кыттыыны ылар биир дойдулаахтарбыт чугас дьонноро олороллорун санатабыт. Быйыл үлэһиттэр суол туорааһынын чөлүгэр түһэрэннэр, уустуктар туоратылланнар техникалар киирэллэригэр-тахсалларыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллибит.
Харысхан Попов