Кинигэни доҕор оҥостубут общественнай олоххо көхтөөх бастыҥ Ийэ

Ийэ барахсан итии үүттээх чэйэ, кини сылаас илиитэ, сылайбыт харахтара, хас биирдии киһиэхэ күндүтүк көстөр. Бүлүү оройуонун Тыымпы бөһүөлэгиттэн төрүттээх Клара Петровна Носкованы биһиги нэһилиэккэ бастыҥ библиотекарь, общественник быһыытынан үгүс дьон билэр. Клара Петровна үлэ бэтэрээнэ, СӨ культуратын туйгуна,  Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Ытык киһитэ, Е.М., Р.Г., А.Р. Поповтар дьиэ кэргэн “Удьуор уус учуутал утума” бэлиэ хаһаайката буолар.

Клара Петровна олунньу 7 күнүгэр 1946 сыллаахха биэс оҕолоох холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүт. Аҕата сулууспалаах, ийэтэ холкуостаах эбиттэр. Бүлүүтээҕи орто оскуола 11 кылааһын бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училище библиотечнай отделениетын бүтэрэн, Нам оруйуонугар ананан үлэтин саҕалыыр.

1946 с. тутуллубут кулууп хотугулуу-илин өттүгэр икки хоско библиотека баара. Кулууп маһынан оттуллар аҕыс оһохтоох этэ. Ол саҕана кулуупка Игнатьева Софья Ионовна эмиэ да харабыл, эмиэ да уборщица этэ, ону таһынан өссө оһох отторо. Сарсыарда 5 чааска туран оһоҕун отторо, күнүс маһын мастаан кыстыыра. Оҕолорго анаан киинэ нэдиэлэҕэ үстэ буолара, онно киномеханик оҕолору көмөлөһүннэрэн мас кыстатара, — диэн кэпсээнин саҕалаата.

Клара Петровна библиотекаҕа үлэлиэҕиттэн ыла агитзоналарга сылдьан агитатор этэ, 1970-1990 сс. сопхуос фермаларыгар кыһыл муннуктарга, детсад үлэһиттэригэр, интернакка, отчуттарга, сайылыктарга сылдьан, передвижной библиотеканы тэрийэн илдьэн элбэх ааҕааччыны хабара. Ол кэмҥэ агитационнай-маассабай үлэ, политическай-экономическай үөрэхтээһин, тематическай биэчэрдэр, лекциялар, кэнсиэрдэр буолаллара. Бу барыта Клара Петровна сатабыллаах илиитин нөҥүө ааһара.

Оскуолаҕа 1993 с. үлэлии киириэҕиттэн, библиотекаҕа үлэ саҥа формаларын олоххо киллэрэргэ сорук туруорунан үлэтин саҕалаабыта. Ол курдук, араас тематическай, литературнай биэчэрдэри, ток-шоулары, сулустаах чаастары, кинигэ презентацияларын, быыстапкалары, чинчийэр үлэҕэ үөрэнээччилэри кытыннарыыны тиһигин быспакка ыыппыта. Кэлин, информационнай технология күүскэ киирэн, интернет ситимин нөҥүө үөрэнээччи элбэх билиини ыларын ситиспиттэрэ. Үлэлиир сылларыгар педагогическай ааҕыыларга оҥорбут дакылааттара, презентациялара кэккэ ситиһиини ылбыттара.

Үлэлиир кэмигэр Клара Петровна нэһилиэк, оройуон общественнай олоҕуттан туора турбакка, общественнай сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, бэрэссээдэтилинэн Виктор Гаврильевич Кутяркин, кэлин Екатерина Михайловна Попова үлэлээбиттэрэ. 80-с сыллардаахха Аппааны бөһүөлэгэр дьахтар сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн түөрт сыл, кэлин Рожина Евдокия Петровна бэтэрээн сэбиэтин солбуйааччытынан, бэрэссээдэтэлинэн 1996-2010 сс. үлэлээбитэ. Клара Петровна уопсайа 55 сыл үлэ ыстаастаах, ол иһигэр 25 сыл библиотекарынан, 19 сыл Хатыҥ Арыы орто оскуолатыгар библиотекарынан, 11 сыл И.Е. Винокуров аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр музейга фондахранителынан үлэлээн кэллэ.

Клара Петровна общественнай олоҕор биир умнуллубат түгэнин туһунан маннык кэпсиир:

— Миигин 1990 с. Аппаанытааҕы дьахтар кэмитиэтин председателинэн талбыттара. Үлэбин бастаан бөһүөлэк дьахталларын уопсай мунньаҕыттан саҕалаабытым. Онно сельсовет исполкомун председателэ Виктор Гаврильевич Кутяркин сылдьыбыта, 30-тан тахса дьахтар кэлбитэ. Бу мунньахха үлэбит былаанын ылыммыппыт. Эдэр ыаллар ийэлэригэр анаан куруһуоктары тэрийбиппит, Ангелина Прокопьевна Попова баайыы куруһуогун ыыппыта. Үтүлүк, кээнчэ ньэмиэтин, ас ырысыабын эдэр хаһаайкалар ылан бараллара. Кулуупка дьахталларга, кыргыттарга аналлаах биэчэрдэри, куонкурустары тэрийэн ыытар этибит. Ол курдук үлэлээн, Саха өрөспүүбүлүкэтин дьахталларын 10-с съеһигэр оройуон дьахталларын конференцияларыгар делегатынан талыллыбытым.

 

Съезд пионердар дыбарыастарын “Развитие, равенство, мир” диэн девиһинэн алтынньы 12-13 күннэригэр 1995 сыллаахха Дьокуускайга буолан ааспыта. Онно 36 улуустан уонна Дьокуускайтан 256 делегат кэлбит этэ. Нам оройуонуттан 5 делегат талыллан киирбиппит. Делегацияны Зоя Ивановна Лукина салайбыта. Кини онно оройуон дьахталларын сэбиэтин председателэ этэ. Съезд аһыллыытыгар А. Божедонова үс омук тылынан съеһи арыйбыта. Намтан киирбит делегаттар бары тус-туспа секцияларга хайдыһан сылдьыбыппыт. Мин Сивцева Н.С. салайбыт “Взаимодействие семьи и образовательных учреждений в интересах развития личности ребенка” диэн секцияҕа сылдьыбытым. Оҕону иитии, ыал сыһыанын боппуруоһугар элбэх тыл этиппиттэрэ, элбэх этиилэри киллэрбиттэрэ. Съезд делегаттара Чечняҕа сулууспалыы сылдьар саллааттарга аһымал акцияны тэрийэргэ бары республика дьахталларыгар ыҥырыы  ылыммыттара. Маны таһынан Саха республикатыгар дьахтар союһун тэрийэргэ устаабын ылыммыта, председателинэн С.С. Николаеваны талбыппыт.

Дьэ, бу курдук, Клара Петровна үлэтин туһунан төһө баҕар ахтан-санаан ааһыан сөп, бэйэтэ олус сэмэй, холку майгылаах, чахчы да киһини сүдү күүһүнэн болҕомтону тардар, туох эрэ дьикти айылҕалаах. Клара Петровна олоҕо төһө да кинигэни кытта ситимнээх буоллар, кини өссө общественнай олоҕун таһынан, сахалыы остуол оонньууларыгар хабылыкка, хаамыскаҕа хас да төгүллээх призер, кыайыылаах буолар. Хатыҥ Арыы орто оскуолатыгар иккис сылын алын сүһүөх оҕолорун сахалыы остуол оонньуутугар дьарыктыыр.

1970 с. Аппааны бөһүөлэгин олохтооҕо, тракторист Носков Дмитрий Дмитриевичка кэргэн тахсан, ыал буолбута. Ыал буолан олохторун холбоон, ааттарын ааттатар, ийэ-аҕа суолун салгыыр икки кыыс, биир уол оҕоломмуттара. Олоҕу, үлэни таптыыр төрөппүттэр оҕолорун үлэни таптыырга ииппиттэрэ. Кэтэх хаһаайыстыба тэринэн, хороҕор муостааҕы иитэн, оҕуруот аһын олордон ньир бааччы олорбуттар. Дмитрий Дмитриевич тракторист-механизатор, коммунист, коммунистическай үлэ ударнига этэ. Кэнники сылларга наар хортуоппуй үүннэрэр звеноҕа үлэлээбитэ. Сайынын звенону салайан хортуоппуй олордоро, кыһынын ДТ-75 тыраахтырга от тиэйэрэ. Иллэҥ кэмигэр ыллыырын олус сөбүлүүрэ, уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттылааҕа, лауреата этэ. Сири хорутааччылар күрэхтэригэр кыттан оруйуоҥҥа, республикаҕа миэстэлэспитэ. 27-с партийнай конференцияҕа делегатынан талыллан кыттыбыта. 57 сааһыгар ыалдьан олохтон туораабыта.

Улахан кыыс Дарья үрдүк үөрэхтээх логопед, билигин Хатыҥ Арыы орто оскуолатын интернатыгар иитээччинэн үлэлиир, кыыс оҕолоох, биир кыыс сиэннээх. Соҕотох уол Александр Граф Биэрэгинээҕи СПТУ-ну бүтэрэн газосварщик идэлээх, аҕатын туйаҕын хатаран тракторист, кэргэннээх үс уол оҕолоох, үс сиэннээх. Кыра кыыс Варвара ийэтин курдук библиотекарь идэлээх, 2005 сылтан Аппааны бөһүөлэгин олохтоох библиотекатыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Активистка, дьахтар сүбэтин чилиэнэ, “Хомусчаан”, “Хозяюшка” түмсүү салайааччыта буолар, нэһилиэк культурнай олоҕор көхтөөх кыттааччыта. Кэргэннээх, үс оҕолоох. Билигин Клара Петровна бочуоттаах сынньалаҥҥа улахан кыыһыгар Дарьяҕа сиэн көрсөн олорор. Киэһэтин сиэнинээн кинигэ, хаһыат ааҕаллар, олох эргиирэ быстыспат ситим бу буоллаҕа.

— Сатаммат, кыаллыбат диэн тылы туттубакка сытыы-хотуу буолуҥ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөтүк сыһыаннаһыҥ, үөрэҕи, үлэни өрө тутуҥ, чиэһинэй, бэйэҕэ  ирдэбиллээх буолуҥ. Өрүү өйдөһөн, биир дьиэ кэргэн курдук убаастаһан чиэстээхтик сылдьыҥ. Төрөөбүт дойдугутун таптааҥ, сайыннарыҥ. Доруобай, дьоллоох буолуҥ!, — диэн баҕа санаатын эдэр ыччатка тиэртэ.

Россияҕа Ийэ күнүнэн Клара Петровнаны эҕэрдэлээн туран, чэгиэн доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт!

Надежда Сивцева

Читайте дальше