Күһүн сыл аайы кириибинэн ыалдьыы көбөр. Хамаҕатта нэһилиэгин врачебнай амбулаторията нэһилиэнньэни кирииптэн харыстыыр дьаһалы ылан, быһыы оҥоро сылдьар. Ол туһунан медсестра Марианна Ачикасова иһитиннэрэр:
— Вакцинаны атырдьах ыйын 28 күнүттэн биэрэн саҕалаабыппыт, 220 дозаны улахан дьоҥҥо, 185 дозаны оҕолорго анаан хааччыйбыттара. Балаҕан ыйын 18 күнүгэр барытын бүтэрбиппит. Манна эмп, оскуола, детсад үлэһиттэрин, детсад, улахан кылаас оҕолорун хабан туруорбуппут.
Бэҕэһээ эбии улахан дьоҥҥо 200 доза, оҕолорго 185 доза кэллэ. Онон нэһилиэнньэҕэ салгыы быһыыны оҥоробут.
Кириип ыарыы турбатын, доруобуйабыт туһугар бука бары кыһаллыаҕыҥ!
Мария Винокурова