Россия үрдүнэн от ыйын 23 күнүгэр атыы-эргиэн үлэһитин күнэ бэлиэтэнэр. Нам улууһун атыытын-эргиэнин эйгэтигэр «2023 сыл бастыҥ маҕаһыына», «2023 сыл бастыҥ аптеката», «2023 сыл бастыҥ аһылыктаах дьиэтэ» диэн анал Ааттар талыллыахтара. Ол курдук, норуот “Эҥсиэли” хаһыат телеграмын нөҥүө сөбүлээн сылдьар, атыылаһар атыы-кутуу дьиэлэрин куоластаан “Бастыҥ” диэн бэлиэ дьаралыктыаҕа.
Улуус үрдүнэн 3 аптека үлэлиириттэн, куоластааһын күрэххэ 8 нүөмэрдээх аптека соҕотох кыттааччы буоларын этэр тоҕоостоох. Оттон ас өҥөтүн оҥорор тэрилтэлэр Намҥа элбээн тураллар. Ону тэҥэ, бүгүҥҥү күҥҥэ дьон Намтан ыраата барбакка, олорор сирдэригэр араас хабааннаах өҥөнү оҥорор тэрилтэлэртэн туһанар, атыыттан-кутууттан ураты, сэдэх таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу булар буолбуттара биллэр, кэпсэнэр. Оттон бородуукта чааһыгар, таптаабыт, талбыт маҕаһыыннарбытыгар сылдьан табаарданабыт, атыылаһабыт.
Куоластааһын ыытылла турар хонуутугар дьон санаата хайдара, аһаҕастык этэрэ сөптөөх. Ол курдук, “бачча элбэх маҕаһыыннардаахпытыттан тоҕо ол маҕаһыын кыттыбата”, “бастыҥ атыы дьиэтэ ол” диэн суруйуулары таһаараллара оруннаах.
Киһи барыта сөбүлээн сылдьар, сакаас оҥорор, ас атыылаһар анал бэйэтэ талбыт маҕаһыыннаах. Тус бэйэм, куоластааһыҥҥа кыттар бары маҕаһыыннары, дьиэлэри бастыҥнарынан ааҕабын, киэн туттабын.
“Куоластааһын күрэххэ ким баҕалаах кытынна: ким эрэ олус интэриэһиргээн кыттарга тута сөбүлэһэрин биллэрэр, оттон хайалара эрэ батынар буоллаҕа. Ити курдук, “кыттабын” диэччилэр бары киирэн олороллор.
Нам улууһун олохтоохторун санааларынан быһаарыллыбыт кыайыылаахтарбытын, киэҥ араҥаҕа бэнидиэнньиккэ улуустааҕы библиотека саалатыгар иһитиннэриэхпит. Нэһилиэнньэ ортотугар “Бастыҥ кафе”, “Бастыҥ маҕаһыын” Ааттар иһин куоластааһын бээтинсэҕэ түмүктэниэхтэрэ. Бастыҥнарга ол күнтэн норуот сөбүлээн сылдьан атыылаһарын, сынньанарын ойуулуур анал бэлиэлэр хатаныахтара”, – диэн билиһиннэрэр Марфа Тарабукина.
Харысхан Попов