Кыайыы күнүн көрсө, Хамаҕатта олохтоох библиотекара Марина Корякина саха-француз лицей 6-7 кылааһын үөрэнээччилэригэр “Дорога жизни” диэн 2023 сыллаахха Москваҕа “Настя и Никита” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэни билиһиннэрдэ.
Библиотекарь оҕо суруйааччыта Юлия Иванова Ленинград блокадатын кэмигэр “олох суолун” суолтатын туһунан историческай кинигэтэ оҕолорго тиийимтиэ гына суруллубутун, орто саастаах оҕолор интэриэстэрин тардыбытын бэлиэтээн эттэ.
Мария Винокурова