Кулун тутар 28 күнүгэр Партизан нэһилиэгэр улуустааҕы «Аҕа күрэҕэ» Намнааҕы дьиэ кэргэн уонна ыччат отделын көҕүлээһининэн ыытылынна. Хатыҥ Арыы нэһилиэгиттэн Аппааны бөһүөлэгин олохтоохторо Аркадий Дмитриевич Соловьев уолунаан Оскардыын кытыннылар.
Аркадий Дмитриевич Намнааҕы баһаарынай сулууспаҕа отделение командира, уола Оскар Намнааҕы техникум 1 курс устудьуона. Соловьевтар үс уол, биир кыыс дьоллоох төрөппүттэрэ буолаллар. Ийэлэрэ Алла Борисовна Аппааны бөһүөлэгин 1 №-дээх «Хатыҥчаана» оҕо уһуйаанын иитээччитэ, билигин кыра кыыһын көрөн олорор. Икки кыра уолаттар Орлан И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын 5 кылаас үөрэнээччитэ, Алмаз оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ.
Соловьевтар сахалыы үтүө үгэстэри тутуһаллар, оҕолорун үлэни таптыырга үөрэтэллэр, айылҕаҕа сылдьалларын, бултуулларын сөбүлүүллэр, спорду, чөл олоҕу өрө туталлар. Аҕыйах сыллааҕыта бэйэлэрин кыахтарынан аныгылыы моһуоннаах, тупсаҕай таас дьиэ туттан киирэннэр ньир-бааччы олороллор.
Аҕа күрэҕэр кыттааччылар аҕыс түһүмэҕинэн тургутук аастылар: «Бэйэни билиһиннэрии», «Бэрэбинэни суоруу», «Бэрэбинэни эрбээһин», «Оттук мас бэлэмнээһинэ», «Уот оттон чэй оргутуу», «Ойбон алларыыта», «Остуолбаҕа тахсыы», «Булчут биатлона». Соловьевтар бэйэни билиһиннэриигэ – 1 м., остуолбаҕа тахсыыга – 1 м., мас эрбээһинигэр 3 м. ыллылар. Уопсай түмүккэ тоҕус хамаандаттан 4 миэстэҕэ таҕыстылар. Хас түһүмэх аайы тэрийээччилэр кыайылаах үс миэстэҕэ мэтээллэри, добун суруктары туттартаатылар.
Күрэх кэмигэр эбиэккэ олохтоохтор уокка буспут итии ис миининэн, Партизан сылаас килиэбинэн, итии чэйинэн кыттааччылары күндүлээтилэр. Төһө да сытыы тыаллаах буоллар, күрэхтэһии тэтимин ыһыктыбакка ааста. Түмүккэ бары кыттааччыларга Партизан олохтоох дьаһалтата бэйэтин сувенирын, ону таһынан бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын бэлэх уунна. Хас биирдии кыттааччыга анал ааттар, спонсордартан бэлэхтэр туттарылыннылар.
Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьаһалтата Соловьевтарга эҕэрдэ суругун уонна «Дельфин» маҕаһыынтан 5000 солк. суумалаах сертификат туттарда. Хатыҥ Арыы нэһилиэк чиэһин көмүскээбит эдэр, эрчимнээх дьиэ кэргэҥҥэ өссө да үрдүк ситиһиилэри, саҥа саҕахтары баҕарабыт.
Түгэнинэн туһанан, Соловьевтар дьиэ кэргэттэрэ күүс-көмө, өйөбүл буолбут нэһилиэк дьаһалтатыгар, «Чороон» норуот айымньытын киинигэр, аҕа сүбэтигэр махтал тылларын тиэрдэллэр.
Надежда Сивцева